УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
6.22K subscribers
39.7K photos
3.88K videos
10 files
6.76K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
加入频道
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

😋 Минньигэс астаах сандалы тула аһаан, сарсыҥҥы үлэ, үөрэх күнүгэр бэлэмнэнэн💪, эрдэ утуйуҥ😴👍 сэргэх туруҥ

Көрсүөххэ диэри!

t.me/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

💫 Түүҥҥү Бороҕон🤩🤩🤩

Барыгытыгар минньигэс түүллэри


📸 Наталья Попова

🎤 Спиридоновтар. "Хараҥа түүн"

t.me/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

Саарба сонноох кыыс оҕо кэрэтэ ааһан иһэр дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла 🥰

Киис тириитигэр кистэммит,
Саарба тириитигэр саспыт
Буобура тириитигэр буккуллубут,
Көрөрдүүн көрсүө,
Саҥарардыын наҕыл,
Өгүрүк-төгүрүк көрбүт,
Үөрэ-дьүөрэ үктэммит,
Үтүө кыыс эбит!🔥🔥🔥
Ноо!

t.me/murusahargata @ulusmedia
#астык

👍 "Ералашка" киинэни сэргии көрдүбүт

"Кэскил" оҕо саадын иитээччилэрэ Лариса Кириллина, Александра Васильева бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун илдьэ "Өркөн" оҕону эбии үөрэхтээһин киинин сайыҥҥы лааҕырын оҕолоро тэттик бэһиэлэй "Ералашка" киинэни устубуттарын сэргии көрдүбүт.

Улууспут оҕолоро олоххо баар түгэннэртэн таҥыллан оҥоһуллубут киинэҕэ итэҕэтиилээхтик оонньообуттар. Сорох оҕолор убайдарын, эдьиийдэрин көрөн үөрдүлэр. Маннык киинэлэр иитэр-үөрэтэр суолталаахтар. Онон "Өркөн" кэлэктиибигэр махталбытын тиэрдэбит.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

Өлтөх нэһилиэгэр аныгылыы киирии аартыга сандааран турара ааһан иһэн көрөргө астык👍

Нэһилиэк үлэтэ киирэр аартыгыттан көстөр👏👏

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#астык

👍 Уол оҕо бултууртан саҕалаан, баай Байанай бэрсибит булдун астыырга тиийэ сатыахтаах.

Маннык санаанан салайтаран, биэс оҕолоох Суотту нэһилиэгин олохтоохторо Алена, Андрей Стрекаловскайдар оҕолорун үтүө холобурдарынан иитэллэр, үөрэтэллэр👍👏

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

👍 Нам улууһун 2-с Хомустааҕар Бороҕонтон урбаанньыт Тимофей Егоров «Дэлэй» маҕаһыына тиийэн, дьон-сэргэ наадыйар табаарын илдьэн нэлэччи-хоточчу тардан кэбиспит👍 Онон суола-ииһэ суох кэмҥэ сонун табаары, наадалаах малы-салы атыыласпыт олохтоохтор үөрүүлэрэ үгүс👏👏👏 Ол туһунан "Эҥсиэли" хаһыат саайтыгар таҕыста👈

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

❄️😍Чуумпутуон, сылааһыан... Сынньалаҥ күннэргитин дуоһуйа атаарыҥ

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#астык

👍 Видеоҕа кырачаан Кээчик наһаа бэрткэ туттан-хаптан олоҥхолуурун Сиэйэ Уола сэргээн истэ олорор🤩

Сэттэ саастаах Кээчик – Катя Никонова кыра сааһыттан сахалыы олоҥхолоон дьон сэҥээриитин ылар.

Кини «Олоҥхо дойдута» оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин «Боччум кэпсээнньит» анал аат хаһаайката. Кээчиги уһуйаантан саҕалаан билигин оскуолаҕа дьарыктыыллар. Ол эрээри сүрүн учуутала кини тапталлаах эбэтэ буолар.

Маннык төрүт тылбыт, үгэспит тарҕанан иһэрин туһугар оҕолорбутун бэйэбит сахалыы иитиэҕиҥ👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

😍 Мүрү нэһилиэгэр Айталина Неустроева интернет ситимиттэн көрөн, хартыынаҕа эпоксиднай сымаланы кутан 3D стикер оҥорорго холоммут. Бу дьарыгы сөбүлээн, билигин сакааһынан маннык стикердары дьоҥҥо оҥорон биэрэр.

Онно ханнык баҕарар хаартысканы, ойууну, гиэрбэни, логотибы, харысхал бэлиэлэри түһэрэр. Стикеры телефон хаҕыгар, күннүк блокнокка уо.д.а. сыһыараллар эбит.

Мария Аргунова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

👍 Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатыгар киирээти кытта саалаҕа аныгылыы сэргэ моһуоннаах уоттаах колонналар кэккэлэстилэр.

Оскуола дириэктэрэ Алексей Мигалкин иһитиннэрбитинэн, бу сэргэлэри оскуола үбүлүөйүгэр выпускниктар, улуус уонна Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын бэлэх ууммут харчыларыттан уонна оскуола бэйэтин үбүнэн «Ректайм» (дир. Афанасий Куприянов) тэрилтэҕэ сакаастаан оҥотторбуттар. Тэрилтэ исписэлииһэ Ольга Филиппова дизайн өттүн толкуйдаан, тэрилтэ салалтата утары баран, чэпчэтиилээх сыанаҕа тупсаҕайдык оҥорон биэрбиттэригэр оскуола салалтата махтала, үөрүүтэ улахан. Салгыы өссө ити саалаҕа үс миэтэрэ уһуннаах быыстапкалыыр витрина туруоҕа.

Улууспут биир улахан оскуолатыгар сахалыы тыыны иҥэрэр кэрэ көстүү олоххо киирэн, үөрэнээччилэр сахалыы тыыннаах тэрээһиннэри бу саалаҕа үгүстүк бэлиэлиэтиэхтэрэ турдаҕа.

✍️Мария АРГУНОВА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

🫶Билэр эбээт, бу тыаһы –
Сайыҥҥы сарсыарда,
Истэр эбээт, бу тыаһы –
Дьоллоох оҕо саас,
Таптыыр эбээт, бу тыаһы –
Дьиҥ саха киһитэ,
Ахтар эбит бу тыаһы
Алааһыттан тэйбит киһи.
Күөрчэх ытыллар тыаһа –
Үүнэр күн тойуга.
Күөрчэх ытыллар тыаһа –
Үтүө санаа алгыһа.


✍️ Мария Аргунова

📹 Валентина Тищенко. Кэптэни

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

🤩Ньургуһун сибэкки тыллан күннээҕи олохпутун киэргэтэрэ чугаһаата.

😍 Мүрү Эбэбит ньургуһунунан симэнэн турара кэрэтиэн!

🖼 Бу 2022 сыллаахха ыам ыйын 21 күнүгэр Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ Диана Гаврильева түһэрбит хаартыската. Бу хаартысканы оскуола бэтэрээн учуутала Ксения Румянцева уруһуйдаабыта. Билигин ол хартыына «Палладиум» атыы-эргиэн киинигэр «Айар бэлэх» маҕаһыыҥҥа турар эбит.

✍️Мария АРГУНОВА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

😍Илиилэрин сылааһын ууран, ордук ретро сувенирдары, оонньуурдары оҥорор интэриэһинэй дьарыктаах Анна, Василий Максимовтар туһунан сырдатан турабыт.

Бүгүн ыал аҕата Василий Васильевич дьоҕус былыргы чаһыны оҥорбутун көрүҥ, сэргээҥ👍

Мария Аргунова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

😍Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Женни Бурнашева петуниялара номнуо сибэкки бөҕө🌺🌸🌺

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#астык

🌿Саха санаатын саймаардан,
Долгун хонууну хамсатан,
Сүрэҕи үөрдэ,
Эн кэллиҥ, кыыс сайын🤗

🎥 Портнягина Изабелла. Саһылыкаан

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык
🌊 Өлүөнэ эбэ долгуннара 😍

🎥 Светлана Местникова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

🌼Үүммүт саҥа күҥҥэ ситиһиини🤗

🎥 Светлана Местникова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Астык

😍 Быйды алааһа сибэккинэн симэнэн турара көрүөххэ кэрэ

📸 Мария Макеева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM