УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.72K subscribers
35K photos
3.26K videos
10 files
5.93K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
加入频道
#астык

Виталий Очиров Тумултан үс саастаах Сайдам Алексеевы кэнсиэригэр анаан ыҥырда

Быйыл сайын биһиги телеграм ханаалбытыгар Тумул бөһүөлэгэр олорор үс саастаах Сайдам Алексеев: “Виталий Очиров алҕыы турар”, - диэн бэйэтин уруһуйун аҕатыгар сахалыы ыраастык кэпсии турар видеота тахсан киэҥник тарҕаммыта, биһирэммитэ🌟👏👍

Күн бэҕэһээ Дьокуускай куоракка буолбут ырыаһыт Виталий Очиров төрөөбүт күнүгэр аналлаах сольнай кэнсиэригэр биһиги уолбутун Сайдамы ыҥыран, бэйэтин бэлэҕин туттарда, бар дьоҥҥо билиһиннэрдэ.

t.me/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

Айылҕа күһүҥҥү ураты көстүүтэ Люция Аммосова хаартыскаҕа түһэриилэригэр😍🤩

Үтүө өрөбүллэри!

t.me/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

😋 Минньигэс астаах сандалы тула аһаан, сарсыҥҥы үлэ, үөрэх күнүгэр бэлэмнэнэн💪, эрдэ утуйуҥ😴👍 сэргэх туруҥ

Көрсүөххэ диэри!

t.me/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

💫 Түүҥҥү Бороҕон🤩🤩🤩

Барыгытыгар минньигэс түүллэри


📸 Наталья Попова

🎤 Спиридоновтар. "Хараҥа түүн"

t.me/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

Саарба сонноох кыыс оҕо кэрэтэ ааһан иһэр дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла 🥰

Киис тириитигэр кистэммит,
Саарба тириитигэр саспыт
Буобура тириитигэр буккуллубут,
Көрөрдүүн көрсүө,
Саҥарардыын наҕыл,
Өгүрүк-төгүрүк көрбүт,
Үөрэ-дьүөрэ үктэммит,
Үтүө кыыс эбит!🔥🔥🔥
Ноо!

t.me/murusahargata @ulusmedia
#астык

👍 "Ералашка" киинэни сэргии көрдүбүт

"Кэскил" оҕо саадын иитээччилэрэ Лариса Кириллина, Александра Васильева бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун илдьэ "Өркөн" оҕону эбии үөрэхтээһин киинин сайыҥҥы лааҕырын оҕолоро тэттик бэһиэлэй "Ералашка" киинэни устубуттарын сэргии көрдүбүт.

Улууспут оҕолоро олоххо баар түгэннэртэн таҥыллан оҥоһуллубут киинэҕэ итэҕэтиилээхтик оонньообуттар. Сорох оҕолор убайдарын, эдьиийдэрин көрөн үөрдүлэр. Маннык киинэлэр иитэр-үөрэтэр суолталаахтар. Онон "Өркөн" кэлэктиибигэр махталбытын тиэрдэбит.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

Өлтөх нэһилиэгэр аныгылыы киирии аартыга сандааран турара ааһан иһэн көрөргө астык👍

Нэһилиэк үлэтэ киирэр аартыгыттан көстөр👏👏

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#астык

👍 Уол оҕо бултууртан саҕалаан, баай Байанай бэрсибит булдун астыырга тиийэ сатыахтаах.

Маннык санаанан салайтаран, биэс оҕолоох Суотту нэһилиэгин олохтоохторо Алена, Андрей Стрекаловскайдар оҕолорун үтүө холобурдарынан иитэллэр, үөрэтэллэр👍👏

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

👍 Нам улууһун 2-с Хомустааҕар Бороҕонтон урбаанньыт Тимофей Егоров «Дэлэй» маҕаһыына тиийэн, дьон-сэргэ наадыйар табаарын илдьэн нэлэччи-хоточчу тардан кэбиспит👍 Онон суола-ииһэ суох кэмҥэ сонун табаары, наадалаах малы-салы атыыласпыт олохтоохтор үөрүүлэрэ үгүс👏👏👏 Ол туһунан "Эҥсиэли" хаһыат саайтыгар таҕыста👈

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#астык

❄️😍Чуумпутуон, сылааһыан... Сынньалаҥ күннэргитин дуоһуйа атаарыҥ

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#астык

👍 Видеоҕа кырачаан Кээчик наһаа бэрткэ туттан-хаптан олоҥхолуурун Сиэйэ Уола сэргээн истэ олорор🤩

Сэттэ саастаах Кээчик – Катя Никонова кыра сааһыттан сахалыы олоҥхолоон дьон сэҥээриитин ылар.

Кини «Олоҥхо дойдута» оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин «Боччум кэпсээнньит» анал аат хаһаайката. Кээчиги уһуйаантан саҕалаан билигин оскуолаҕа дьарыктыыллар. Ол эрээри сүрүн учуутала кини тапталлаах эбэтэ буолар.

Маннык төрүт тылбыт, үгэспит тарҕанан иһэрин туһугар оҕолорбутун бэйэбит сахалыы иитиэҕиҥ👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

😍 Мүрү нэһилиэгэр Айталина Неустроева интернет ситимиттэн көрөн, хартыынаҕа эпоксиднай сымаланы кутан 3D стикер оҥорорго холоммут. Бу дьарыгы сөбүлээн, билигин сакааһынан маннык стикердары дьоҥҥо оҥорон биэрэр.

Онно ханнык баҕарар хаартысканы, ойууну, гиэрбэни, логотибы, харысхал бэлиэлэри түһэрэр. Стикеры телефон хаҕыгар, күннүк блокнокка уо.д.а. сыһыараллар эбит.

Мария Аргунова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM