КСЕНОФОНТОV. ОЙУУР
370 subscribers
3.74K photos
555 videos
32 files
1.44K links
Можете отправлять свои сообщения и предложения на
[email protected]
加入频道
Төрүт тыл уонна сокуон.

Кыым хаһыат көҕүлээһининэн “саха тыла уонна сокуон” диэн тиэмэҕэ сэргэх кэпсэтии буолан ааста. Бары саха эйгэ туһугар үлэлии сылдьар буолан, улахан “кэп туонута” суох, туох баарынан, тугу көннөрүөххэ уонна ханнык сокуонннарга уларытлыыра киллэриэххэ сөбүн болдьохтостубут. Биири олус сөбүлүү бэлиэтээн көрдүм – ким даҕаны бэйэ-бэйэни буруйдаабата, самнара, баттыы сатаабата. Мин тыл тула элбэх мунньахтарга сырыттым, кэпсэтии үгэнигэр син биир бэйэ-бэйэни атаҕастааһын баар буолааччы. Онтон бу сырыыга, Мария Христофоровна талан ыҥырбыт дьоно билиилэрин таһыма (миигиттэн ураты) үрдүгэ эбитэ дуу, эбэтэр Мария бэйэтэ кэпсэтиини салайбытын түмүгэр дуу, бэйэ-бэйэни хаадьылааһын олох суох этэ. Хас биирдии кыттааччы этиитин мин өйбөр хатана сатаатым. Кыым хаһыат сотору ыстатыйа таһаарара буолуо, онон барытын суруйа сатаабакка, бэйэм түмүк санаабын дьоҥҥо тиэрдэбин:
1.​ Саха Сирин тылларын сокуонун сахалыы тылбааһын булан ааҕа иликпин, баара дуу? Сарсын ыйыталаһыам, суох буоллаҕына, тылбаастатыахпыт
2.​ Саха тылын, Саха Сирин Төрүт сокуона уонна Саха Сирин тылларын сокуона чахчы көмүскүүллэр уонна араҥаччылыыллар. Бу икки сүрүн сокуоннар үлэлииллэрин ситистэхпитинэ – саха эйгэтэ билиҥҥитээҕэр лаппа сайдыылаах буолуо этэ. Онон, Сахам дьоно, бу икки сокуону бары ааҕыҥ уонна олоххо киириитин бары ситиһэ сатааҥ.
3.​ ​Билигин тылбыт “харчы-үб” өттүнэн көмүскэлэ олус аччыы сылдьар кэмэ. Бу ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар, Саха сирин тылларын сайдыытын барыла саҥа ылыннынна. Үбэ кэмчи, сахалыы кинигэ даҕаны таһаарыытыгар, тылбаас даҕаны өттүгэр, быһа эттэххэ, бары өттүнэн кэмчи. Ону, дьокутаат буоларбыт быһыытынан үбүлээһин өттүгэр кыһалла сатыахпыт.
4.​ ​Билим уонна сахалыы эйгэлээх учууталлары (ону таһынан, анал үөрэхтээхтэри) бэлэмнээһин өттүнэн, сайдыыбыт сатарыйа турар кэмэ. Бу хайысха үбүлээһинтэн тутулуктаах гынан баран, биир сүрүн тылы чинчийэр тэрилтэбитин Саха Сирэ баһылаабат буолбутуттан эмиэ тутулуктаах буолуон сөп эбит. Ону көннөрөр туһунан, хаттаан кэпсэтиини саҕалыахтаахпыт дии санаатым. Ол чинчийэр тэрилтэбит сыллааҕы үбүлээһинэ наһаа элбэҕэ даҕаны суох эбит – 50 мөлл. солк
5.​ ​Ситэриилээх былаас иһинэн, тылы сайыннарар салалта (Римма Жиркова), бу ааспыт 2019 сылга баһаам хамсаныы тэрийбит. 31 улууска Тыл хамыһыйалара тэриллибиттэр. Бу хайысхалар үлэлииллэригэр анал быраабылалар бигэргэммиттэр. Онон бу 2020 сылтан саҕалаан, өссө көхтөөх үлэни кэтэһэбит.
6.​ ​Доҕоттор, хас биирдии аат-суол, сурук-бичик Саха Сиригэр булгуччу икки тылынан суруллуохтаах – сахалыы уонна нууччалыы. Толорботохторун бэлиэтии көрдөххүтүнэ, олохтоох дьаһалтаҕа тиийэҥҥит этиҥ, ол түгэнигэр Тыл хамыһыйата ону көннөрөргө үлэ ыытыаҕа.
7.​ ​Бэйэҕит үлэлии сылдьар тэрилтэҕитигэр кыһаллан икки тылы эмиэ тутта сатааҥ, бэлиэ эрэ өттүгэр буолабакка, сурук-бичик өттүгэр эмиэ.
8.​Төрөппүттэр, эһигиттэн олус элбэх тутулуктаах. Мин бэйэм ыал аҕата буолабын, оҕолорум эмиэ нууччалыы саҥара сатыыллар, ону тулуйан, сахалыы көннөрө, этэ, кэпсэтэ сатыыбын. Эһиги эмиэ кыһаллыҥ.
9.​ Саха Сирин тылларын сокуонугар уонна Үөрэх сокуонугар Вилюяна уонна Хабырыыл Торотоойоп этии киллэрдилэр, ону уһаппакка ырытыахпыт Ил Түмэҥҥэ
10.​ ​Туйаара Семеновна, үөрэх министирин солбуйааччыта, саха тылын туһугар олус кыһаллан үлэлии сылдьарын бэлиэтии көрдүм
11.​ ​Кыра норуот, улахан норуоту кытта алтыһан олорор буоллаҕына сүрүн көмүскэлэ – кини билиитэ ол улахан норуоттан үрдүк таһымнаах буолуохтаах. Ол эрэ түгэнигэр, сокуону уонна билиини туһанан бэйэ эйгэтин көмүскүөххэ сөп. Онон, бары билиигэ тардыһыыбытын өссө күүһүрдүөххэ. ​ Саха норуота бу 21 үйэҕэ дылы тылын уонна эйгэтин тутан кэллэ, ол биһиги өбүгэлэрбит уонна саастаах дьоммут билиигэ тардыһыылара күүстээх уонна ону туһаналлара табыгастаах буолан оннук. Аныгы ыччат маны өйдөөн туран, кыах баарына, күүскэ хамсаныахха.​
#Ксенофонтов
#ОйуурБайбал
#ИлТүмэн
#Кыым