Саха эйгэтэ уонна аныгы кэм.
Соторутааҕыта Итэҕэл Сүбэтэ уонна ыччат көрсүһүүтэ буолбута. Кэпсэтии түмүгэр этиилэр киирбиттэрэ.
Саха таҥаһын күнэ баар буолуохтаах. Балаҕан ыйын 20-21 күнэ бэрт этэ диэн
Бу күн саха омук барыта саха таҥаһын кэтэ сатыахтаах. Таҥас саҥа дьүһүнэ дьоҥҥо көрдөрүллүөхтээх, күрэхтэр уонна конкурстар баар буолуохтаахтар.
уонна
Өбүгэ малын күнэ баар буолуохтаах.
Тохсунньу ыйга бэрт этэ диэн.
Бу күн, хас биирдии саха оҕотугар, сиэнигэр биир-икки өбүгэ малын көрдөрөн, туох малын, эһээ-эбээ туохха туттубуттарын, өбүгэ дьарыгын кэпсиэхтээх. Өбүгэни саныырга, ытыктыырга үөрэтиэхтээх ыччаты.
Туох дии саныыгыт? Бу күннэргэ үөрэтэн баран, этии суруйан Ил Дархаҥҥа ыытары сылдьабын. Санааҕытын суруйуҥ.
#ИтэҕэлСүбэтэ
#ОйуурБайбал

Хатас.
Бэҕэһээ, муус устар 22 күнүгэр, Хатас нэһилиэк баһылыгын Евгений Петрович Пермяковы кытта Итэҕэл Сүбэтин тула кэпсэтии буолла. Туймаада сиригэр Хатас олохтоохторо сахалыы эйгэни, тыыны тута сылдьар дьон буолаллар. Ол санааны бигэргэтэн Евгений Петрович нэһилиэккэ Ытык сирдэри сөргүтүү, саха итэҕэлин киинин тутуута былааҥҥа баалларын сырдатта. Урут Хатас сирэ Арҕаа Хаҥаласка киирсэр эбит, Баҕарах, Хоро уонна Өрсүт диэн ааттаах үс нэһилиэги холбоон, 1930 сыллардаахха Хатас нэһилиэгэ тэриллибит. Салҕыы хамсык сымнаатаҕына, Хатас дьонун-сэргэтин кытта көрсүһүү тэрийиэхпит диэн буолла.
Кэрдиис Чөл күнэ үүннэ. Санааҕыт ыраас, эт-хаан өттүнэн чэгиэн-чэбдик буолуҥ!

Итэҕэл Сүбэтин үлэтин барылынан, куорат салайааччытын Евгений Григорьевы кытта көрсөн, саха эйгэтин, тылын, итэҕэлин тула кэпсэттибит. Инники үлэбитигэр соруктары туруортаатыбыт.
Саха Сирин киин куората сахалыы эйгэлээх уонна тыыннаах буолуохтаах. Евгений Николаевич ону бэккэ диэн сөптөөхтүк өйдүүр уонна өйүүр.
Евгений Николаевич бэйэтин харыстаннын, тула өттө көмүскэллээх буоллун диэн сахалыы харысхал бэлэхтээтибит.
Куораты салайар оҕо оонньуута буолбатах, кыһалҕа олус баһаам. Евгений кытаанах санаалаах, чэгиэн эттээх-сииннээх, чөл олохтоох, мындыр толкуйдаах, онон өр сылга үлэлээн, куораты сайыннарыа диэн эрэнэбит.