Река Анкудинка свободна от мусора
Месяц назад социальные сети облетели фотографии реки Анкудинка, заваленной мусором. Картина удручала: живописный уголок природы, испорченный чьей-то безответственностью. К сожалению, призывы к уборке остались без ответа, и мусор так и продолжал отравлять красоту реки.
Но равнодушие – не для нас! Молодежный совет "ПроСвет" не остался в стороне и организовал акцию по очистке реки Анкудинка. Ребята собрали и вывезли горы мусора, которые бессовестно были целенаправленно выброшены жителями города.
Хочется обратиться к тем, кто так бездумно относится к природе: неужели вам самим приятно жить среди грязи и отходов? Неужели вы хотите, чтобы наши дети унаследовали загрязненную и безжизненную землю?
⏬⏬

Колыма – наш общий дом, и каждый из нас несет ответственность за его чистоту и благополучие. Каждый из нас должен показать достойный пример, взяв на себя инициативу по уборке. Давайте же последуем нашему примеру! Убирайте за собой мусор, берегите природу, учите этому своих детей.
Помните, чистота окружающей среды – это не только красота, но и наше здоровье, наше будущее. Если не мы, то кто?
Айыына Бандерова
@khalyma_dolgunnara

Мы обязаны все помнить...
Если каждого из 27 миллионов погибших в Великой Отечественной войне почтить минутой молчания, то мир замолчит более чем на 50 лет...О том, что у времени есть твоя память-история, которую мы обязаны помнить, напомнили нам в стихотворениях, песнях, музыке и танцах участники концертной программы "Вспомним, товарищи, трудные года!", который прошёл в Детской школе искусств в Среднеколымске. ⏬⏬⏬

Известные композиции военных лет "Смуглянка", "В лесу прифронтовом", "Три танкиста" и другие были исполнены на баяне и на фортепиано, также гости смогли станцевать военные вальсы под песни участников художественной самодеятельности. "Журавли" Расула Гамзатова продолжили почтение памяти Минуты молчания, а стихотворение Высоцкого "Он не вернулся из боя" стало одним из ключевых моментов возвышения подвигов наших солдат.
В концерте приняли участие мужской вокальный ансамбль "Хотугу са5аhтар", детская театральная студия "Дети Мельпомены", танцевальный ансамбль "Гармония", детские вокальные коллективы "Тоника" и "Элегия",
учащиеся народного отделения по классу "Баян", преподаватели Детской школы искусств Лена Соловьева, Вероника Шустикова, а также Валентина Кириллина, Сайаана Созонова, Григорий Лавров, Жанна Константинова. Автором проекта выступила Галина Слепцова, по её словам, этот концерт посвящён подвигу всего народа нашей страны, который с достоинством и мужеством пронес на плечах годы Великой Отечественной войны. И мы обязаны все помнить...

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Моменты концерта: "Майский вальс" в исполнении Вероники Шустиковой
@khalyma_dolgunnara
@khalyma_dolgunnara
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Моменты концерта: "Песня фронтового шофёра" в исполнении Родиона Третьякова
@khalyma_dolgunnara
@khalyma_dolgunnara
📩Эрэдээксийэ почтатыттан
**Сылгыһыт идэтин биллибит*
Биһиги, Г.Г.Софронов аатынан агрохайысхалаах орто оскуола 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ кылааспыт салайааччытын Светлана Алексеевналыын, бөһүөлэктэн тэйиччи баар «Чоҥкуйа» учаастагар баран ыалдьыттаан кэллибит.
Биһигини мин эһэм Владимир Николаевич уонна Алексей Алексеевич икки буранынан илдьэ сырыттылар.
🐴Бу учаастакка сылгы баазата баар. Итии-кутуу дьиэлээх, баанньыктаах, гараастаах. Телевизорыгар, интэриниэт ситимигэр, телефон сибээһигэр тиийэ барыта баар. Манна биһигини сылгыһыттар Афанасий Иванович Винокуров, Иннокентий Михайлович Винокуров уонна бэтэринээринэй сулууспа сэбидиссэйэ Василий Петрович Третьяков үөрэн-көтөн көрсүбүттэрэ. Чоҥкуйаҕа быйылгыттан бизоннары иитиигэ аҕаллылар. Биһиги сылгылары, бизоннары көрбүппүт. Саҥа тиийбит сирбитигэр саха сиэрин тутуһан, алаадьынан сирбитин-уоппутун аһаппыппыт. Оонньоон, сибиэһэй салгыҥҥа сүүрэн-көтөн күммүтүн билбэккэ аһарбыппыт.

🏇🏻Сылгыһыт идэтэ олус ыарахан, кыһыннары, сайыннары күн аайы, сынньалаҥа суох үлэлиир үлэ эбит. Мин эһэм Иннокентий Иннокентьевич Сивцев, үйэтин тухары сылгыга үлэлээбитэ. Кини 67 сыл устата сылгы мииниилээх бастаан сылгыһытынан, онтон сылгыһыттарга настаабынньыгынан үлэлээн ааспыта. Кини элэккэй майгылаах, күүстээх санаалаах, куруук көмөлөһөргө бэлэм майгылаах киһи буолан, бары сөбүлүүллэрэ.
Сылгыһыт идэтин тулуурдаах, күүстээх санаалаах эрэ киһи үлэлиэн сөп эбит диэн өйдөөтүм. Эһэм талан ылбыт идэтин сөбүлээн үйэтин тухары үлэлээбит, кини туһунан үчүгэй өйдөбүл хаалбытыттан олус киэн тутуннум. Эһэм курдук буоларга кыһаллыам.
👏 Бу умнуллубат үтүө сырыыны бэлэхтээбит учууталбытыгар, төрөппүттэрбитигэр, сылгыһыттарга махтанабыт.
Ильин Сулустаан, Өлөөкө Күөллээҕи агрохайысхалаах 3-с кылааһын үөрэнээччитэ,
Өлөөкө Күөл б.

🔰 *Булт-алт*
🦆Булчут 60 атыыр кустан, 20 хаастан уонна
10 андыттан элбэҕи бултуо суохтаах.
🌞Номнуо айылҕабыт барахсан уһуктан, сааскы ылааҥы күннэр тураннар, хайа баҕарар киһи сүргэтэ көтөҕүллэр кэмнэрэ үүннүлэр.
Сааһы кытта эр дьоҥҥо кэтэһиилээх булт кэмэ чугаһаан, тарбахха ааҕыллар күн хаалла. Ол иһин да буолуо, бу күннэргэ эр дьон кэпсэтиитэ булт-алт туһунан буолара мэлдьэҕэ суох.
Онон бүгүҥҥү хаһыаппытыгар, булт сокуоннарыгар, быраабылатыгар туох уларыйыылар киирбиттэрин туһунан, улуустааҕы Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччытын солбуйааччы Алексей Аркадьевич Тойтонову кытта сэһэргэһиибитин таһаарабыт.
❓Алексей Аркадьевич, быйыл сааскы кустааһыҥҥа чопчу туох уларыйыылар киирдилэр?

✅Быйылгы сааскы кустааһын былырыыҥҥытааҕар болдьоҕо уратылардаах буолла, ол курдук иитиэх тыһы ыҥырар куһунан (подсадная утка) атыыр кустары бултааһын муус устар 21 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри диэн болдьохтонно. «Иитиэх» куһа суох урукку сылларга курдук уу көтөрүн, куһу-хааһы киллэрэн туран бултааһын ыам ыйын 10 күнүттэн 19 күнүгэр диэри болдьохтонно, итиннэ уларыйыы тахсыбата. Итини таһынан, андыны кустааһыны уруккутун курдук бэс ыйын 1 күнүттэн 4 күнүгэр диэри диэн болдьоҕунан хаалла.
❓Мин санаабар кусчут кустуур болдьоҕо олус уһаата, сааһы быһа кустаан куспутугар улахан хоромньу тахсар диэн санаа эмиэ үөскүүр. Маны эн туох дии саныыгыный?
✅Ханнык баҕарар бултааһын болдьоҕун уһуна бултанар кыылга да, көтөргө да хоромньулаах буолара саарбахтаммат. Булчут барыта чиэһинэй, быраабыланы тутуһар диир эмиэ сыыһа курдук, тоҕо диэтэххэ, биһиги улууска бэрэбиэркэлэр түмүктэринэн биирдиилээн быраканьыардааһын, булт быраабылатын кэһии, хомойуох иһин, сыл аайы тахса турар. Сороҕор улахан хоромньуну оҥорбуттар эмиэ баар буолааччылар.
Билигин иитиэх куһу булчут хантан баҕарар булуон сөп, онон кустааһын болдьоҕо хара кэлиэҕиттэн сымыыттыар диэри уһун буолар буолла.
Ол гынан баран бултааһыҥҥа элбэх ирдэбил баар, холобур биир булчут нуорма быһыытынан 60 атыыр кустан, 20 хаастан уонна 10 андыттан элбэҕи бултуо суохтаах. Сааһы быһа булчут бөһүөлэккэ киирэ-тахса кэлэр-барар. Бултуур сиригэр булт көҥүлүн (разрешениятын) докумуонун булгуччу төһөнү бултаабытын толоро сылдьыахтаах. Булчут кустаах эрээри докумуонун толорботох буоллаҕына, булт быраабылатын кэһэр.
Онон булчут административнай эппиэккэ тардыллар. Булчут ирдэбил быһыытынан өрүү атыыр куһу талан ытар, бултаһар буоллаҕына уонна бэриллибит нуорматын тутустаҕына улахан хоромньу тахсыбат диэххэ сөп. Биллэрин курдук инники өттүгэр сааскы кустааһын болдьоҕор, атын да булка, уопсайынан булт быраабылатыгар уларыйыылар киирэ туруохтара дии саныыбын.
Биһиги министиэристибэбит сыллата булчуттар этиилэрин мунньан, үөрэтэн көрөн, салгыы Арассыыйа Минприродатын кытта ыга ситимнээхтик үлэлии олорор. Ол курдук биһиги, олохтоох дьон булка сыһыаммытын учуоттаан, Булт сокуонугар кыралаан уларыйыылар киирэ тураллар. Сааскы кустааһын болдьоҕо уһун буоларыгар сөпсөспөт дьону кытта сөбүлэһэбин. Ол төрүөтүнэн, ыам ыйын бүтэһик күннэриттэн бэс ыйын саҕаланыытыттан күн-дьыл сылыйыыта буолар. Ойуурга улахан баһаардар турар кэмнэрэ саҕаланар. Ити кэмнэ үгүс киһи тыаҕа өссө да кустуу, андылыы сылдьара улахан баһаар турарыгар төрүөтүнэн буолуон сөбүн өйдүүрбүт тоҕоостоох. Санатар буоллахха, аҕыйах сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэҕэ ыам ыйын 28 чыыһылатыттан саҕалаан улахан баһаардар турбуттара. Ити сыл өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарыгар кусчуттар буруйдарыттан уот тахсан, улахан баһаарга кубулуйбут түгэннэр эмиэ бааллара. Онон биир бэйэм сааскы кустааһын болдьоҕо сиэри таһынан уһуурун сөп дии санаабаппын.
❓Быйылгы кустааһын болдьоҕун уһуна балыкпыт саҥа тахсарыгар эмиэ түбэһэр. Балыктыыр дьон эмиэ баар буолуохтара, саха дьоно буоларбыт быһыытынан, балыкпытын амсайыахпытын эмиэ сокуон быһа түһэн атахтыыр. Бу туһунан эн тус санааҥ.
✅Балыктааһын быраабылатыгар олоҕуран, балык ыыр кэмигэр, илиминэн балыктааһын ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри бобуллар. Балыктааһын быраабылатыгар уларыйыы киирдэҕинэ эрэ ыамын бириэмэтин көннөрүөхтэрин эбэтэр сыҕарытыахтарын сөп. Хайа баҕарар быраабыла, сокуон уларыйыыта, норуоттан тахсар этиилэргэ олоҕуран оҥоһуллар. Итиннэ тустаах үлэ барыахтаах.
Манна даҕатан эттэххэ, саха киһитэ, ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһи, устар сайыны быһа оттуур, күһүөрү кыстыгар бэлэмнэнэр, кыһыныгар балыктыыр киһи ахсааннаах. Онон нэһилиэк аайы булчуттар, балыксыттар түмсүүлэрэ диэн баар буолуохтаах. Кинилэр бултааһыҥҥа сыһыаннаах этиилэрин түмэн, улуустааҕы булчуттар түмсүүлэрин кытта бииргэ үлэлэһиэхтээхтэр. Нэһилиэнньэ, дьон туруорсуутун олоххо киллэрэргэ, сокуону уларытарга, араас таһымнаах дьокутааттар бааллар.

Кинилэр норуот туһугар мэктиэ тылларын биэрэн үлэлиир, тумус туттар дьоммут буолалларынан, кыһаллан, дьонтуруорсуута олоххо киирэрин курдук, үөһээҥҥи дьаһалтаҕа, дойдубут киинигэр Москубаҕа тиийэ сокуону, быраабыланы олохтуур органнары кытта үлэлэһиэхтээхтэр.
Булт-алт сокуонугар, норуот туруорсуутунан, хоту дойду айылҕата учуоттанан, уураахтарга үгүс уларыйыы киириэн сөп дии саныыбын.
📸Иван Белоногов
@khalymadolgunnara
@ulusmedia

Со светлым Христовым Воскресением – с праздником Пасхи!
Пасха – великий праздник Воскресения Христова, который наполняет наши сердца верой, надеждой и любовью.
В канун этого светлого праздника принял участие в Пасхальном Богослужении. Вместе с сотнями верующих в главном храме Якутии мы помолились о своих близких, о здравии всех россиян, благополучии нашей прекрасной Родины.
Пусть молитвы каждого будут услышаны, а сердце никогда не покидает вера! Христос Воскресе!
t.me/aisen_nikolaev

📚Сиэн Күөлүгэр үтүө дьон үксүү турдун
👨🏻🏫🏢Аҕыйах хонуктааҕыта Сиэн Күөлүн нэһилиэгин олохтоохторо «Бочуот Знага» уордьаннаах, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, элбэх сыл учууталлаабыт, дириэктэрдээбит С.Н.Горохов аатын сүгэр орто оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүн үөрүүлээх быһыыга–майгыга бэлиэтээтилэр.
📘Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ «Эн үрдүк ааккар сүгүрүйэн, үтүө тылынан ахтабыт» диэн Степан Николаевич олоҕун, айымньылаах үлэтин сырдатар Иван Николаевич Горохов, Галина Яковлевна Горохова, Любовь Григорьевна Горохова бэлэмнээбит ахтыы кинигэлэрин нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрбиттэрэ болҕомтону тарта.

Киэҥ кэпсэтиигэ Степан Николаевич быраата, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, «Шахтер Албан аата» бэлиэ хаһаайына, Саха сирин үтүөлээх горняга, Ил Түмэн дьокутаатынан үлэлээбит, 70 сааһыгар диэри үлэттэн илиитин араарбатах Иван Николаевич Горохов, эдьиийэ – РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, 25 сыл устата оҕо уһуйаанын салайбыт Александра Николаевна Оконешникова, балта – тыл билимин хандьытаата, университет учуутала Татьяна Николаевна Николаева, Степан Николаевичтыын уһуннук бииргэ үлэлээбит, Арассыыйа үтүөлээх учуутала Александра Васильевна Гуляева, уо.д.а. долгуйан туран истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр. Ахтыы кинигэтин таһаарарга кыттыбыт дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр. Кэпсэтиигэ кыттыбыттар бу ураты дьиэ кэргэн үлэҕэ уһулуччу бэриниилээҕин, уран тарбахтара, олоххо бигэ суолу тутуһуулара, дьоҥҥо холобур буолар хаачыстыбалара төрөппүттэриттэн бэриллибитин сөпкө бэлиэтээтилэр.
Аҕалара Николай Филиппович үөрэҕэ суох да буоллар тимир уонна мас ууһа буолан холкуос-сопхуос тутууларыгар сааһын тухары үтүө суобастаахтык кыттыбыта. Тиэхиньикэ дэлэйиэр диэри холкуос, саҥа тэриллибит сопхуос отделениетын тиэхиньикэтин барытын өрөмүөннүүрэ. Ийэлэрэ, Матрена Степановна, сааһын тухары ыстахаанабыс ыанньыксыт, сүөһү көрөөччү, 80 сааһын ааһыар дылы 3 ыанар ынахтаах, ыччат сүөһүлэрдээх этэ.
Кинилэр улахан кыыстара Альбина Николаевна биллэр быраас, Доруобуйа харыстабылын туйгуна, ыарытыйар буолан бу улахан түмсүүгэ кыттыбата. Иккис кыыс, Мария Николаевна, Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 40-тан тахса сыл оройуон бастыҥ ыанньыксыттарыттан биирдэстэрэ этэ. Хас биирдии ынахтан сылга 2000 киилэни ыыр үрдүк кирбиини 7-тэ ситиспитэ. 1989с. кини хас биирдии ынахтан сыл устата 2766 киилэ үүтү ыабыт үрдүк ситиһиитэ куоһарыллыбатаҕа.
Мария Николаевна бэйэни харыстаммат күүрүүлээх үлэҕэ доруобуйатын айгыратан, иллэрээ сыл олохтон барбыта. Бырааттара Владимир Николаевич биирдэ даҕаны тиэхиньикэтин алдьаппатах, сыһыыга туруорбатах олус мындыр мэхэньисээтэр этэ, олохтон эрдэ туораабыта.
Степан Николаевич аармыйаҕа сулууспалыы сырыттаҕына, үрдүк үөрэх кыһатыгар киллэрэр хамыыһыйа кэлэн, эписиэрдэри үөрэххэ ылар тургутууну ыыппыт. Хамандыырдар, сержант Горохов сулууспаҕа сыһыанын учуоттаан, олоххо бигэ сыалын таба көрөн, тургутууга кыттарын көҥүллээбиттэрэ. Саллааттартан кини соҕотох этэ. Инньэ гынан, кини сулууспаттан устудьуон буолан кэлэн, үлдьү оскуолаҕа үлэлээбитинэн барбыта. Маннык түгэн Саха сирин да үрдүнэн олус сэдэх буолуохтаах. Степан Николаевич хайа баҕарар тиэхиньикэни өрөмүөннүүр, тимиргэ уонна маска дэгиттэр уус буолан тутууну-өрөмүөнү кыайа тутара. Толкуйдуур дьоҕура үрдүк буолан, барытын эрдэ былааннаан, үгүс айдаана-кэпсэтиитэ суох саҕалаабытынан барара. Былааннаабыт үлэлэрэ туох даҕаны тардылыга суох болдьоҕор бүтэн испиттэрэ.
👨🏻🏫Кини учууталлары, оскуола үлэһиттэрин, улахан кылаас оҕолорун сатаан дьаһаллаан, тутууларга, өрөмүөҥҥэ барытыгар кытыннарара. Кыһын, тохсунньу өрөбүллэригэр тыаҕа тахсан бэрэбинэ кэрдэрбит. Саас, үөрэх кэнниттэн тутуу саҕаланара. Ол курдук, мастарыскыай, 6 саастаах оҕолор үөрэнэр куорпустара, пионер лааҕыр, үлэ-сынньалаҥ лааҕыр баазалара тутуллубуттара. Лааҕыр тутуута күөл уҥуор ыытылларынан, чычаас буолан баран, киэҥ күөлү кырыылаан, оҕолору тыынан илдьэрэ. Обургу оҕолор эрдэллэрэ, бэйэтэ арыый хаалан, сүбэлии-сүбэлии, кыраҕатык кэтээн айанныыра. Сайын устата элбэх оҕо тыыны эрдэргэ, сүгэнэн туттарга үөрэнэрэ. Кэбиниэт систиэмэтинэн үөрэтии киирбитигэр, тиэхиньиичэскэй малы-салы туруорууга, араас истиэндэлэри, ыскааптары айан оҥорууга бэйэтэ ылсыбыта. Сайын ахсын үлэ кэнниттэн кэлэн киэһэ 7 чаастан түүн 1 чааска диэри олус баҕаран, ис-иһиттэн үлүһүйэн туран, олус тупсаҕайдык кэбиниэттэри оҥороро. Ол быыһыгар, бэрэбинэни бэлэмнэтэн баран, хас даҕаны учууталга, оскуола үлэһитигэр дьиэ салҕааһыныгар 10-ча күн барыбытын үлэлэтэрэ. Киэһэ, от кэнниттэн кэлэн түүҥҥэ диэри үлэлээн, үс истиэнэни охсон кэбиһэрбит. Степан Николаевич үөрэтии бырагыраамата олус научнайын, олохтон ырааҕын, оҕо барыта кыайар кыаҕа суоҕун көрө-билэ сылдьара, айар дьоҕурдаах оҕолору бэркэ өйүүрэ. Кини учуутал туохха дьоҕурдааҕынан оҕолорго, төрөппүттэргэ истиҥ сыһыаны олохтуурга сүбэлиирэ, үөрэх уустуктарыгар саҥа, сэргэх ньымалары туттары биһириирэ.
⚜️Партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ, Сэбиэт солбуйар бэрэссэдээтэлэ, оройуон Сэбиэтин дьокутаата – мунньаҕа элбэҕэ, куораттыыра кэмэ суох буолара. Сөмөлүөт кэлээри ыксатан, икки кылааһы тэҥҥэ үөрэтэн барарга тиийэрэ. Сороҕор кылаастан тахсан көрөрүм – икки кылаас ааннара аһаҕас, иккиэннэригэр оҕолор уу-чуумпутук олорон үлэлии аҕай олороллор. Кини хантан эрэ кэллэҕинэ, оскуола сонно чуумпура, уоскуйа түһэрэ, үлэбит-сырыыбыт барыта табыллан, эйэлээх дьиэ кэргэн буола түһэрбит. Оскуолаҕа үлэлээбитин устатыгар биир даҕаны оҕону мөхпүтүн, улаханнык саҥарбытын өйдөөбөппүн, оннук түгэн киниэхэ наадата суох буолара.

Хаһан даҕаны быар куустан олорорун көрдөрбөтөҕө, туруоҕуттан утуйуор диэри улахан уонна кыра дьыалалары быыстала суох үмүрүтэ сылдьар буолара.
⚜️Биирдэ киэһэ дьиэтигэр киирбитим – кэргэнэ Вера Ивановна киинэлээбит, кини икки эмдэй-сэмдэй, атаах кыргыттарын олбу-солбу көтөҕөр, киэһээҥҥи аһылыгы буһарар уонна хоско киирэн хаартыска бэчээттиир...

🏢💐Оскуола үбүлүөйэ олус бэртик ааста, тэрийээччилэргэ, биһиги, ыалдьыттар, олус махтанныбыт-баһыыбалаатыбыт, бэйэбит сэмэй бэлэхтэрбитин туттардыбыт.
💐👏🏻Түмүктүүр көрсүһүүгэ нэһилиэк чулуу ыччатыгар, биһиги улууспутун элбэх сыл эрэллээхтик салайбыт Евгений Михайлович Слепцовка үбүлүөйүнэн сибээстээн, эҕэрдэ тыл этилиннэ, сыаналаах бэлэх туттарылынна.
🏆Нэһилиэк аатыттан улуус бочуоттаах олохтооҕо, успуорт, үөрэҕирии бэтэрээнэ, оҕолорго аан дойду чемпионун Иван Оконешниковы, аан дойду полицейскайдарыгар иккис миэстэлээх Алексей Шкулеву, Арассыыйа призердарын, Саха сирин чемпионнарын, призердарын ииппит биллиилээх тренер, быйыл 46-с сылын үлэ-сынньалаҥ лааҕырын салайыахтаах учуутал Петр Егорович Шкулев оҕо биригээдэтигэр хас даҕаны сыл үлэҕэ уһуйбут, эрчийбит уолугар Евгений Михайловичка долгуйан туран, өссө даҕаны айар үлэ чыпчаалыгар эрэллээхтик дабайарыгар эрэнэрин биллэрдэ, ситиһиилээхтик үлэлииригэр баҕарда.

✅Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Елизавета Николаевна Жиркова бэтэрээн учуутал Мария Николаевна Волковаҕа, механизацияҕа уһуннук үлэлээбит Анатолий Алексеевич Гороховка «Нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
⚜️Нэһилиэккэ уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх, ис сүрэхтэриттэн дьон туһугар кыһаллар дьон элбэхтэр. Петр Егорович Шкулев, Анатолий Алексеевич Горохов баһылык эрэллээх көмөлөһөөччүлэрэ – сэргэ дьон буолаллар, кинилэрэ суох биир даҕаны улахан үлэ оҥоһуллубат. Бэтэрээн-тырахтарыыс Павел Гаврилович Винокуров, тэйиэс да олордоллор, Анастасия Иннокентьевна уонна Петр Петрович Винокуровтар, бырааттыы Иван Иванович уонна Михаил Иванович Тарасовтар, Мария Егоровна уонна Мария Ивановна Винокуровалар, уо.д.а. кыах баарынан көмөлөһөр дьүккүөрдээхтэр. Сырдык ситимэ, хочуолунай үлэһиттэрэ, оскуола, оҕо саада, балыыһа, кулууп кэлэктииптэрэ уопсастыбаннай дьыалалартан туора турбаттар. Ол иһин нэһилиэк дьаһалтатын үлэтэ ситимнээх, бигэ, сайдар кэскиллээх.

✅Анатолий Алексеевич Горохов дьоҥҥо көмөтүнэн, барытын сатыырынан, сырыыта-айана сууххайынан нэһилиэк ытыктабылын ылыан ылар. Үтүө хаачыстыбатын сыаналаан үрдүкү салалта «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадалаан турар.
Анатолий Алексеевич бу бырааһынньыкка «Нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо» ааты ылбытыгар кулууп өргө диэри ытыс таһыныыттан ньиргийдэ, нэһилиэк дьоно барыта үөрдэ.
Нэһилиэк ынаҕа-сылгыта элбэх, тыраахтардар бааллар, тиэхиньикэ арааһын киһи ааҕан сиппэт. Элбэх ыал саҥа дьиэҕэ киирэн, үгүстэр тутта сылдьаллар.
✅Тэрилтэлэр үлэлэрэ үчүгэй, дьон сарсыҥҥыга эрэллээх. Үтүө дьон элбэхтэрэ үчүгэй даҕаны! Киһи саныы-саныы үөрэр. Кинилэр ахсааннара элбии турарыгар, бар дьон туһугар олохторун аныыр ыччаттар үксүү турдуннар, диэн сырдык баҕа санаалаах дьиэбитигэр төнүннүбүт.
📝 Иннокентий Оконешников