Киэһэ Маарга үлэлээтибит. Приемҥа 6 киһи сырытта. Улуус Геро й-ийэлэрин туһунан тахсыбыт кинигэ, саҥа киирбит эбийиэктэргэ замер оҥоруутун, доруобуйа харыстабылын туһунан кэпсэттибит. Отчуоттуур мунньахха 75 киһи кытынна. Ксенофонт Васильевка киин улуустарга "Сахабэчээт" ГАУ 2024 с. общественнай корреспонденнарын ортотугар 2-с миэстэ буолбутун туоһулуур наҕараадатын туттардыбыт. Мунньахха Накыыҥҥа сокращение, ОДьКХ хочуолунайыгар симиэнэҕэ эбии хачыгар көрүллэрэ наадатын, саҥа киирбит таас дьиэлэргэ вентиляция, Маарга оскуола тутуутун, водовозка ылыллыытын, сылгы маркировкатын, спорт саалатын өрөмүөнүн уо.д.а. боппуруостар киирэн хоруйданнылар. Тарифнай дуогабарынан кыра хочуолунайга симиэнэҕэ 1 эрэ хачыгаар көрүллэр. Саҥа киирбит таас эбийиэктэргэ барыларыгар вентиляция баар. Маарга оскуола тутуута 2027 сыл кэннэ былааннанар. Маарга водовозка ыларга "ОДьКХ" ГУП Ньурбатааҕы филиалыттан сайаапка үөһээҥҥи тэрилтэҕэ баран турар, онон кэтэһэбит. Бүгүн 4 нэһилиэк олохтоохторо улуус үлэтин отчуотун биһирээтилэр.
Устудьуоннары уонна преподавателлэри Арассыыйа устудьуоннарын күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу күн дойду үрдүнэн бары устудьуоннары түмэр. Историяттан биллэринэн, 1755 с. тохсунньу 25 к. сибэтиэй Татыйаана күнүгэр императрица Елизавета Петровна Москва университетын тэрийэр туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. История утумнаах буолуутун салҕаан, РФ Бэрэсидьиэнын Ыйааҕынан Арассыыйа устудьуоннарын күнэ официальнайдык олохтоммута. Кимиэхэ баҕарар устудьуонннаабыт сыллара – олоҕун сырдык уонна кэрэ-бэлиэ кэмэ. Идэ билиитин, үөрүйэҕин уонна сатабылын баһылыырга үөрэммит, олохпутугар эрэллээх доҕоттору көрсүбүт кэрэ кэммитин бары даҕаны күндүтүк саныыбыт. Элбэх оҕо дойду араас куораттарыгар араас үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэ сылдьар, улууска орто анал үөрэх 2 тэрилтэтэ – Ньурбатааҕы техникум уонна Дьокуускайдааҕы Медколледж Ньурбатааҕы филиала үлэлииллэр. Үөрэххитин бүтэрдэххитинэ улууспут сайдарын туһугар бииргэ үлэлииргэ ыҥырабын. Түгэнинэн туһанан, эдэр көлүөнэ настаабынньыктарыгар үтүө суобастаах үлэҕит иһин истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну уонна ситиһиилэри, устудьуоннарга ылбыт билиилэрэ мэлдьи үлэҕэ-хамнаска туһалаах буоларыгар, дойдуларыгар, норуокка бэриниилээх, үрдүк бэлэмнээх исписэлиис буолалларыгар, преподавателлэргэ ситиһиилээх үлэни баҕарабын.
«Ньурба улууһа» МО баһылыга А.М.ИННОКЕНТЬЕВ.

Бүгүн сарсыарда Күндээдэҕэ үлэлээтибит. Миэхэ приемҥа 2 киһи сылдьан, олунньуга "Кубок поршня-2025" тэриллэригэр спонсорскай көмө, «Күндээдэ» АО техникатын модернизациятыгар үп көрүллүүтүн туһунан ыйыталастылар. Отчуоттуур мунньахха "Күндээдэ" АО-ҕа өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит Спиридонов Борис Петровичка "Тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ" бэлиэни туттардым. Мунньахха суол оҥоруутугар ирээттэһэн үбүлээһин, эдэр исписэлиистэргэ уопсай дьиэ тутуутун, төрүүр ынахха эбэтэр үүккэ харчы бэриллиитин, олохтоох балыыһа суукканы эргиччи үлэлиир стационардаах буолуохтааҕын, подстанциялары күрүөлээһин, соцконтрагынан көмө ылбыт дьон отчуотунаһын, кулууп хапытаалынай өрөмүөнүн, спорт саала тутуллуутун уо.д.а. боппуруостар киирэн хоруйданнылар.
Күнүс Чаппанда нэһилиэгэр отчуоттаатыбыт. Тус боппуруостарынан приемҥа 3 киһи сырытта. Отчуоттуур мунньахха 55 киһи кытынна. Үлэлии кэлэр быраастары толору хааччыллыылаах дьиэнэн хааччыйыы, уот тарыыба үрдээһинин, Интэриниэт сибээһэ мөлтөҕүн, үүккэ уонна ынах төбөтүгэр көрүллэр харчы, ходуһаҕа күрүө тутуутугар үп, кулууп хапытаалынай өрөмүөнүн туһунан уо.д.а. ыйытыктар киирэн хоруйданнылар. Нэһилиэк баһылыга Краснослав Бухолов нэһилиэккэ үлэлии кэлэр бырааска толору хааччыллыылаах дьиэ баар буолуоҕа диэтэ. Уот сыанатын СӨ Госкомцен быһаарар, улуус боломуочуйата буолбатах. Эрдэ этиллибитин курдук, күрүө тутуутугар үп көрүллүбэт, олохтоохтор субуотунньуктаан тутуохтарын сөп. М.С.Семенов аатынан "Дьоҕур" норуот айымньытын дьиэтин өрөмүөнүн проектнай-сметнай документацията оҥоһуллуохтаах, коммерческай этиилэри күүтэбит. Бу эбийиэк өрөмүөнүн өрөспүүбүлүкэни кытта үлэлэһэн федеральнай бырагыраамаҕа киллэртэрэ сатыахпыт.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Отчет исполнительного органа муниципального района "Нюрбинский район по итогам деятельности за 2024 год перед населением
🔺 СП «Едейский наслег»
🔺 МО «Кангаласский наслег»
🔺 СП «Аканинский наслег»
🔺 СП «Тюмюкский наслег»
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Киэһэ Октябрьскай нэһилиэккэ үлэлээтибит. Тус боппуруостарынан приемҥа дьиэ өрөмүөнүн уонна "Ромашка" оҕо уһуйаанын өрөмүөнүн туһунан боппуруостары таарыйдылар. Отчуоттуур мунньахха ынах төбөтүгэр көрүллэр субсидия, "Ромашка" оҕо уһуйаанын уонна квартальнай хочуолунай тутуутун, "Ньурбатааҕы кормовой хампаанньа" үлэтин, улууска зоотехниктар тиийбэттэрин, агро-оскуолалар рейтиннэрин, доруобуйа харыстабылын туһунан уо.д.а. боппуруостар киирдилэр. 150 миэстэлээх "Ромашка" оҕо уһуйаанын тутуута СӨ тутуллар эбийиэктэрин кэрискэтигэр киирэн сылдьар, үп кырыымчыгынан сибээстээн билиҥҥитэ сыла биллибэт. Инбэлииттэр уонна тыыл бэтэрээннэрин дьиэлэрин өрөмүөнүгэр үлэлээн кэлбит бырагыраама быйылгыттан тохтотулунна, үбү суолу оҥорууга уо.д.а. хайысхаларга туһаныахпыт. Квартальнай хочуолунай бырайыагын оҥорторон баран, федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэргэ үлэлиэхпит.