Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌
3.26K subscribers
18K photos
3.83K videos
13 files
5.03K links
加入频道
Forwarded from Alena
#Всейсемьей #Всейсемьей14

🔆Эдэр ыал Руслаана, Андрей Ховровтар харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолан олорбуттара 4-с сыла. Руслаана идэтинэн худуоһунньук, илиитигэр дьоҕурдаах, туппута тупсаҕай, талба талааннаах сатабыллаах хаһаайка. Аҕа баһылык Андрей идэтинэн юрист, полиция бэриниилээх үлэһитэ.
🔆Аныгы олох сиэринэн эдэр ийэ интэриниэт ситиминэн фитнес марафон  ыытар. Ону тэҥэ, дьылҕа матрицатын суоттаан консультация, сүбэ-ама биэрэр, худуоһунньук буолан мэтириэт уруһуйдуур.  Эмдэй-сэмдэй кыыстаах, уол - Ванесса, Артур, уһуйаан иитиллээччилэрэ. Дьиэ кэргэнинэн бииргэ сылдьан сынньаналлар. "Араас куораттарга сылдьан киһи өйдүүн-санаалыын сайдар, саҥа арыыйылары оҥорор"-диир Руслаана.
Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар "Всей семьей" бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта👉  всейсемьей.рф
Suntaar_sonunnara улуус хаһыата
@ulusmedia
18👍1
#Всейсемьей #Всейсемьей14

🔅Үүммүт сылбыт Арассыыйаҕа – Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэбитигэр – Оҕо саас сыла биллэриллэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол курдук, үлэ министиэристибэтэ көҕүлээһининэн “Счастливая семья-счастливая Республика” диэн ааттаах “Воссоздание” номинацияҕа хаартысканан көрөөччү биһирэбилэ күрэс биллэриллибит. Бу күрэскэ биһиги Сунтаарбытыттан Айта, Игнат Федоровтар кыттыыны ылаллар. Кулун тутар 4 күнүгэр диэри «Вконтакте» сыһыарыы нөҥүө куоластааһын ыытыллар. Саамай элбэх куоластаах кыттааччы кыайыыны ылар. Биир дойдулаахтарбытыгар Сунтаартан Федоровтар дьиэ кэргэҥҥэ куоластыаҕыҥ.

🔸Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар "Всей семьей" бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта👉 всейсемьей.рф

Куоластааһын ⤵️
https://vk.com/poll-168773995_929633440
👍111
#Всейсемьей #Всейсемьей14

❇️Ыал буолан олорбуттара 51 сылларын бэлиэтиир Галина, Афанасий Петровтар 14 оҕолоохтор.
Улахан, иллээх дьиэ кэргэн үлэҕэ, сынньалаҥҥа бары бииргэ сылдьаллар.

🔸Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар "Всей семьей" бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта👉 всейсемьей.рф

https://сунтаарсонуннара.рф/ulahan-illeeh-die-kergen/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👏114
#Всейсемьей #Всейсемьей14

🔸Виктория, Илья Тимофеевтар элбэх оҕолоох саха мааны ыала. Оҕону иитиигэ элбэхтик кэпсэтэн, аһаҕас, элэккэй майгылаах дьон буолалларыгар иитэргэ кыһаллаллар. Сахабыт сирдэринэн, киэҥ куораттарынан сылдьалларын туохтааҕар да ордороллор.
Өрөбүл күннэргэ бары бииргэ остуол тула олорон ас астаан, оонньоон бириэмэлэрин туһалаахтык атаараллар.

❇️ Ону тэҥэ, Виктория оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн видеоҕа устар онтон сиэттэрэн араас күлүүлээх олоххо баар түгэннэри устар буолбутун көрүҥ, сэргээҥ.

❇️Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар "Всей семьей" бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта👉всейсемьей.рф

@suntaar_sonunnara улуус хаһыата
@ulusmedia
👍21🥰2👏2
В Амге я встретился с многодетной семьей Неустроевых, участниками Всероссийского конкурса “Всей семьей”.

Дмитрий и Сахаяна воспитывают троих детей. Неустроевы – дружная семья с активной жизненной позицией, одни из лучших общественников улуса, спортсмены. Они поделились, что участие в конкурсе особенно сплотило их. Каждую неделю им поступают разные несложные задания, которые они с удовольствием выполняют все вместе.

Всероссийский проект "Всей семьей" стартовал в начале 2024 года, объявленного Президентом страны Владимиром Владимировичем Путиным Годом Семьи. Это замечательный проект, который помогает многим семьям стать еще крепче. Сегодня в этом проекте участвует более тысячи семей из Якутии. Удачи всем! #всейсемьей #всейсемьей14

t.me/aisen_nikolaev
👍9
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Всейсемьей #Всейсемьей14

❇️"Биһиги, Афанасьевтар дьиэ кэргэн, Куокуну нэһилиэгэр олоробут. Биһигини төрөппүттэрбит истиҥ тапталларыгар, сылаас сыһыаннарыгар бүөбэйдээн иитэллэр. Ийэбитин Екатерина Семеновнаны, аҕабытын Лука Юрьевиһы олус таптыыбыт, кинилэри мэлдьи үөрдэ сылдьыахпытын баҕарабыт. Кинилэргэ биһиги дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөбүт. Бары бииргэ айылҕаҕа сылдьарбытын туохтааҕар да ордоробут. Араас тэрээһиннэргэ дьиэ кэргэнинээн кыттааччыбыт. Холобур бу соторутааҕыта дьиэ кэргэнинээн дуобакка күрэхтэһии буолбутугар биһиги ситиһиилээхтик кыттыбыппыт.Биһиги ситиһиилэрбититтэн кинилэр олус дьоллоноллор, үөрэллэр" диэн суруйар ️7-с кылаас үөрэнээччитэ Анжелина Афанасьева.

❇️Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар "Всей семьей" бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта👉 всейсемьей.рф

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👍15🥰3
#Всейсемьей #ГодДетства

Ааҕааччыларбыт ыыталлар⤵️⤵️⤵️

"Өрөбүл күн Афанасьевтарга баанньык күнэ. Эбэлээх, эһэҕэ бары мустан нэдиэлэтээҕи сонуммутун кэпсэтэбит, оҕолор көрсөн ахтылҕаннарын таһааран оонньууллар, мэниктииллэр. Баанньык кэннэ эбээ оҥорбут тоҥ күөрчэҕин (мороженайын) сиэххэ сөп. Таайдыгыт оҕолортон саамай дьээбэлээх кимин?"

🔷Санатар буоллахха, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн биллэрбит бырайыагар күн бүгүн Саха сириттэн 1000 тахса дьиэ кэргэн кыттар. Бырайыак саайта: https://всейсемьей.рф/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👍17🥰4
#Всейсемьей #Всейсемьей14
Ытык Ийэ Ксения Николаева күннэтэ ас арааһын астыыр

🔷«Хорохой» хаһаайыстыба ийэ баһылыга, Сунтаар нэһилиэгин Ытык Ийэтэ Ксения Николаева бу күннэргэ кыһыҥҥы хаһааһын бэрийэр. Ыал ийэтэ саас сылыйыан, эт буортуйуон иннинэ хочуоҥкаттан хаһаас аһын килэртэрэн улахан ларь морозильникка сааһылыыр. Билигин аһы харайарга морозильник күннээн турар кэмэ. Ону кытта булуус, оҥкучах улахан оруолу ылаллар. Ксения Степановна сэттэ оҕо кэрэ ийэтэ оҕолорун, сиэннэрин үлэҕэ умсугутан улаатыннаран барыга бары бииргэ сылдьаллар.

✍️Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

🔷Санатар буоллахха, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн биллэрбит бырайыагар күн бүгүн Саха сириттэн 1000 тахса дьиэ кэргэн кыттар. Бырайыак саайта: https://всейсемьей.рф/

Сиһилии:⬇️⬇️⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/ytyk-ije-kseniya-nikolaeva-kynnete-as-araahyn-astyyr/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👍9
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Всейсемьей #Всейсемьей14


❇️СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Мария, Василий Спиридоновтары улууска эрэ буолбакка, бүттүүн өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ билэр, кинилэр талааннарыгар сүгүрүйэр, үлэлэрин холобур туттар.

👨‍👩‍👧‍👧Мариялаах Василий икки эмдэй-сэмдэй кыыс оҕолоохтор. Култуура үлэһиттэрэ кыргыттарын ханнык баҕарар тэрээһиннэргэ олох кыра саастарыттан бэйэлэрин кытары илдьэ сылдьаллар. Сынньалаҥ кэмнэрин эмиэ бииргэ олус сэргэхтик атааарыллар.

🔆Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар "Всей семьей" бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта👉 всейсемьей.рф

Сиһилии⤵️⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/ajyl5alyyn-altyhan-kyys-uoh-ylynallar/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👏12🥰2🤩2👍1
#Всейсемьей #Всейсемьей14

👨‍👩‍👧‍👦Афанасьевтар дьиэ кэргэн эбиэттэрэ буһарын күүтэ таарыйа Кэмбинээт сыырыгар сырылаан кэллилэр🤩🤩🤩. Икки сыыр баарыттан Айыына кыыс кыра сыыры талан түстэ. Айсан аҕатынаан түһэрин сөбүлээтэ. Ыал ийэтэ оҕолоруттан эмиэ хаалсыбата үрдүк сыыртан хаста да түстэ. Бүтэһигэр "ватрушкатыттан" көтөн хаалан дьону күллэрдэ😂😂😂(Устууга көрүөххүт).
🔹 Өссө Сунтаарга ханнык сыырга сырылыахха сөбүй?

🔸Санатар буоллахха, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн биллэрбит бырайыагар күн бүгүн Саха сириттэн 1000 тахса дьиэ кэргэн кыттар. Бырайыак саайта: https://всейсемьей.рф/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
14👍8🥰2
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Всейсемьей, #Всейсемьей14

👨‍👩‍👧‍👧❤️ Сайаана, Күннэй Сергеевалар оонньуулларын быыһыгар нэдиэлэ күнүн сахалыы этэллэрин истиҥ. Төрөппүттэрэ Алена, Радомир оҕолорун сахалыы тыыҥҥа иитэллэр. Бу кыргыттар атын устууларын ютубка эмиэ түбэһэ көрүөххэ сөп.
📌#Всейсемьей #Всейсемьей14

Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар "Всей семьей" бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта👉 всейсемьей.рф
👍15🥰2
#Всейсемьей, #Всейсемьей14

🔹Дойдубутугар - Дьиэ кэргэн сыла. Онон сиэттэрэн хаһыаппытыгар, сайпытыгар улууспут дьиэ кэргэттэриттэн видеолаан, хаартыскалаан, суруйан сырдатан иһэбит. Бүгүҥҥү билиһиннэрэр дьоммут үлэһит үтүө мааны далбар хотун Лидия Рыкова дьиэ кэргэнэ. Сиһилии⤵️⤵️⤵️

https://сунтаарсонуннара.рф/o5onu-ylenen-iitii/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
🥰5👍2
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Всейсемьей, #Всейсемьей14

👨‍👩‍👧‍👦 Сергеевтэр айар талааннаах дьиэ кэргэн. Ыал аҕата Радомир "Саха" НКИХ үлэһитэ, ыал ийэтэ Алёна ырыаҕа уһуйааччы. 3 оҕолоохтор. Сайаана 2 кылаас, Күннэй,Эрсан-уһуйаан иитиллээччилэрэ.
🔹Эһиги болҕомтоҕутугар Екатерина Коротова-Кэтии Лэчил 65 сааһыгар анаммыт хоһоон күрэһигэр аахпыт айымньыларын көрөҕүт.
👨‍👩‍👧‍👦Эдэр ыалтан холобур ылыахха🤩🤩🤩

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👍106
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Годдетства, #Всейсемьей

Чалбах тахсан оҕолор үөрүү-көтүү🥳🤩🤪👏🏻👏🏻👏🏻Бу кырачааннар олус үчүгэй оонньууну толкуйдаабыттар. Кураанах сиринэн хаампыт киһи хотторор. Эһиги эмиэ оонньооҥ🤩🤩🤩.Төһө сатанарын көрүөххэ. Дьоллоох оҕо саас🥰🥰🥰
Тиийиэхтээх сирдэригэр чалбахха охтубакка тиийбиттэрэ буолуо дуо?

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
🥰5👍3
#Годсемьи #Всейсемьей

👨‍👩‍👧‍👦 Сунтаар нэһилиэгин биир элбэх оҕолоох ыала - Лена, Максим Оконешниковтар.
Оконешниковтар оҕолорун аҕа саастаах дьону ытыктыырга, кыраҕа, кырдьаҕаска көмөлөһөргө бэрт кыра саастарыттан иитэллэр-такайаллар.

🔅 Бары тутуспутунан айылҕаҕа сынньана тахсалларын, сынньалаҥ киэһэлэри тэрийэн араас остуол оонньуутун, кинигэ ааҕыытын тэрийэллэр. Ыал ийэтэ өлгөм, минньигэс астаах хаһаайка бэрдэ.

🧇Кинилэр сандалыларыгар мэлдьи ас арааһыттан баар буолар. Ийэлэрин астыырыгар илии-атах буолан дьиэтээҕилэр бары көмөлөһөллөр.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👍233
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Всейсемьей

🔹🔸🔹Светлана Иванова «Книга+кукла» диэн тус бырайыактаах. Бу бырайыагын чэрчитинэн нуучча улуу поэта Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар «Балыксыт уонна балык туһунан остуоруйа» («Сказка о рыбаке и рыбке») айымньытынан бэйэтэ илиитинэн баайбыт куукулаларынан ойуулук оҥорбут.

Сиһилии⤵️⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/die-kergeninen-ojuuluk/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👍7👏1
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#всейсемьей

🔅Сайыҥҥы үтүө былдьаһыктаах күннэргэ, хас биирдии сүөһүлээх, сылгылаах ыал оттуур кэмнэрэ саҕаланна. Биһиги сурутааччыларбыт от үлэтин үгэниттэн видео ыыппыттарын көрүөҕүҥ.

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia
👍8
#Всейсемьей

🔹🔹🔹«Оҕону үлэҕэ үөрэтэр туһаттан атыны аҕалбат» диир Николай Тихонов.

🔹🔹🔹Николай Дмитриевич уһаайбатыгар биир улахан түгэх оту туруорда. Отун үлэтигэр Дьокуускай куораттан сайылыы кэлэ сылдьар сиэнэ Эркин Яковлев көмөлөһөр. Уолчаан эһэтин сүбэтин-аматын, үөрэтиитин-такайыытын олуһун ылынар. «Эһэм такайыытынан элбэҕи билэбин, сатыыбын. Кини үлэҕэ үөрэтэрэ мин инники олохпор улахан көмө буолуо дии саныыбын» диэн Эркин санаатын үллэстэр.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
👍10
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Сахабытсиринсайына #Всейсемьей

🔆Отчут киһиэхэ былдьаһыктаах күннэр.
Бэрэ сиригэр Николаевтар бүттүүн дьиэ кэргэнинэн от үлэтигэр сылдьаллар.
Доҕоттоор, өссө ким оттуу сылдьар баарый?

@suntaar_sonunnara улуус хаһыата
@ulusmedia
👍9