СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️
3.67K subscribers
6.79K photos
1.47K videos
11 files
612 links
Официальный телеграм канал Сунтарского улуса
加入频道
🗣🗣🗣На днях будет установлен 4-й ВЫСОКИЙ класс пожарной опасности на территории Сунтарского улуса.

УВАЖАЕМЫЕ ЖИТЕЛИ И ГОСТИ СУНТАРСКОГО УЛУСА - БУДЬТЕ БДИТЕЛЬНЫ‼️

ОЙУУР БАһААРДАРА ТУРУОХТАРЫН СӨП‼️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Сунтаар нэһилиэгин уҥуор буруо көстөр, Лесничество үлэһиттэрэ сиринэн көрө бардылар.
Ону таһынан билигин облеттан кэлэн иһэр самолет көрөн чопчу информацияны биэриэхтээх, эбии квадрокоптер көтутуөхпут.

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
БЫЙЫЛ СУНТААР УЛУУҺУН ХАҺААЙЫСТЫБАЛАРА ЫАМ ЫЙЫН БҮТҮҮТЭ, БАРЫТА 36 САЙЫЛЫКТАРГА МААССАБАЙ КӨҺҮҮНҮ ОЛОХТУОХТАРА. 

Республика баһылыга Айсен Николаев көҕүлээһининэн, кэнники сылларга Сайылык күнэ киэн далааһыннаахтык бэлиэтэнэр. Сунтаарга быйыл Аллыҥа нэһилиэгэр тэрилиннэ. Уруккута манна 20-с үйэ чулуу ыанньыксыттара уутуйан үлэлээбит «Көҕүөр » племенной хаһаайыстыба үлэлээбитэ. 

Сайылык күнүгэр 5 хаһаайыстыба тэринэн кэлэн, ситиһиилэрин көрдөрдүлэр, былааннарын кэпсээтилэр. Улууска саамай элбэх, тэрээһиннээх сайылыктаах хаһаайыстыбанан Кундэйэтээҕи «Сырдык аартык» кооператива буолар. 

Самаан сайын кэлиитин, хаһаайыстыбаларга үөрүүлээх түгэни бигэргэтэр тэрээһин арыллыытын «Ферма кыргыттара» ырыаны айбыт мелодист Иван Иванов ансамбыла киэргэттэ. Туруу үлэһит дьону көҕүлүүр, кинилэр ортолоругар "Хит" буолбут ырыа, билигин да уостан түспэккэ ылланар. 

Үгэскэ кубулуйбут Ыанньыксыттар күрэхтэригэр Маар Күөлтэн сылдьар эдэр ыанньыксыт Валерий Генеров сүрүн бирииһи уонна Герой Владимир Михайлов анал  биһирэбилин ылла. 

@suntaar_ulus 
КЧС Сунтарского улуса принято решение перебросить десантников-парашютистов на тушение возгорания.

Ранее: https://yangx.top/suntaar_ulus/4360

@suntaar_ulus
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Оперативная информация о «лесопожарной» ситуации на территории Сунтарского улуса на 23.05.2023г. от Александрова Николая Павловича - Первого заместителя Главы Сунтарского улуса.

@suntaar_ulus
У некоторых ребят из состава парашютистов Авиалесоохраны, сегодня осуществлен первый производственный прыжок👍🏻✊🏻

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
‼️Сегодня в Кремле Президент Российской Федерации Владимир Владимирович Путин вручил нашему земляку Александру Гаврильевичу Колесову звезду Героя России👏🏻
ЛЕСНОЙ ПОЖАР НОМЕР 1-НСС пройден по кромке, ожидаем локализацию👍🏻

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
СУНТААРДАА5Ы В.Г.ПАВЛОВ ААТЫНАН АЛЫН СҮҺҮӨХ ОСКУОЛАНЫ 160-ТАН ТАХСА ҮӨРЭНЭЭЧЧИ БҮТЭРДЭ 

Бүгүн кырачаан дьон алын сүһүөх оскуола боруогун атыллыыр эппиэтинэстээх, долгутуулаах түгэннэрэ үүннэ. Оскуола бары үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, выпускниктар үөрүүлээх линейкаҕа тоҕуоруһа муһуннулар. Кинилэри улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Николай Александров эҕэрдэлээтэ уонна 4 сыл устата кырачааннары үөрэтэн-такайан таһаарбыт Мария Ивановна Авакумоваҕа бочуоттаах наҕарааданы туттарда.

Бу күн оскуолаҕа үөрэнэллэрин устата үөрэхтэригэр, спорка, култуураҕа о.д.а.эйгэлэргэ ситиһиилээх оҕолору чиэстээтилэр. Манна араас олимпиадалар, НПКлар, күрэхтэр кыайыылаахтара бааллар. Барыта 162 оҕо үөрэнэн бүтэрдэ, маныаха Сунтаардааҕы политехническай лицейгэ 9 оҕо олимпиадалар түмүктэринэн экзамена суох уонна 24 оҕо бастакы экзаменнары ситиһиилээхтик туттаран киирбиттэр.

Кырачааннар олох биир кэрдиис кэмин атыллыыр үөрүүлээх, долгутуулаах түгэннэринэн эҕэрдэлиибит, үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

@suntaar_ulus 
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
СУНТААР УЛУУҺУГАР БЫЙЫЛГЫ ОЙУУР БАҺААРЫН СЕЗОНУГАР КҮҮСТЭЭХ БЭЛЭМНЭНИИ ҮЛЭТЭ БАРБЫТА КӨҺҮННЭ 

Быйыл ыам ыйын 23 күнүгэр Сунтаар улууһугар бастакы ойуур баһаара турбута бэлиэтэннэ. 

Устье нэһилиэгиттэн 3.5 килэмиэтир тэйиччи сиргэ буруо көстүбүтүн, тута хамсанан, кэтээн көрөр көтөр аал үлэлээтэ. Маны тэҥэ үрэхтээх, уулаах сир буолан миэстэтигэр парашютист десантниктары түһэртээн, кинилэр түүн устата үлэлээннэр билигин уоту толору умуллардылар.

Авиалесохрана, якутлесресурс тэрилтэлэриттэн уонна нэһилиэктэн хомуллубут дьон, барыта 30тан тахса киһи үлэлээтэ. 

Бу баһаар түмүгүнэн, быйылгы ойуур баһаарын сезонугар республика уонна улуус күүстээх бэлэмнэнии үлэтин ыыппыттара көһүннэ. 

@suntaar_ulus
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
СУНТААРГА ФЕДЕРАЛЬНАЙ СУОЛ КЭРЧИГЭР ТУРАР ОСКУОЛА ТЕРРИТОРИЯТЫГАР ТЕХНИКА ТОХТУУР АНАЛ МИЭСТЭТЭ ОҤОҺУЛЛУОҔА 

Сунтаардар мэлдьи туруорсар, билиҥҥитэ нэһилиэнньэҕэ кыһалҕанан турар массыына парковката баар буолуоҕа. Ол курдук, В.Г.Павлов аатынан алын сүһүөх оскуола аттыгар массыына тохтуур анал сирэ суох, суола-ииһэ кыараҕас буолан саахал тахсар кутталлаах. Мэлдьи ГАИ сулууспатын кэтэбилигэр турар сиргэ улуус дьаһалтата ылсан, күүтүүлээх парковканы оҥоруохтара👍

@suntaar_ulus