Республика Саха (Якутия)
4.38K subscribers
35.4K photos
7.93K videos
7 files
12.9K links
Официальный канал Администрации Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия)

https://sakha.gov.ru

https://ok.ru/sakhagov

https://vk.com/sakhagov
加入频道
#отчетправительства

Өктөмҥө бырабыыталыстыба отчуота саҥа таас дьиэни арыйыыттан саҕаланна

СӨ ситэриилээх былааһын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота бүгүн Дьэр, Өктөм уонна Төхтүр нэһилиэктэрин хабан ыытыллар. Отчуоттуур бөлөҕү Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов салайар.
Өктөмҥө отчуот үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна. Ол курдук манна дойду президенэ Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан түөрт мэндиэмэннээх, 27 кыбартыыралаах таас дьиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу улууска тыа сиригэр тутуллубут бастакы элбэх кыбартыыралаах дьиэ буолар. Манна Өктөм 26 ыала хаарбах дьиэттэн көһөн, саҥа дьиэлэрин күлүүһүн туттулар.

Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/ektemne-byrabyytalystyba-otchuota-sana-taas-dieni-aryjyyttan-sa5alanna/

Ольга Гермогенова, Хаҥалас" хаһыат.

@gazetahangalas
👨‍👩‍👦🏙️Таатта дьонугар-сэргэтигэр икки бүк үөрүү тосхойдо. Ол курдук Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Жилье и городская среда” национальнай бырайыагынан Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр А.Кулаковскай аатынан уулусса 35 нүөмэригэр 5 мэндиэмэннээх, 66 кыбартыыралаах уонна А.Кулаковскай аатынан уулусса 35/1 нүөмэригэр 5 мэндиэмэннээх, 48 кыбартыыралаах таас дьиэлэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарарга туһаайыллыбыт “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бэдэрээлинэй бырагырааманан үгүс үлэ ыытылынна. Аҥардас бу бырайыагынан Ытык Күөлгэ 21 толору хааччыллыылаах дьиэ, 700-кэ ыал көһөрүлүннэ.
Таатта улууһа  Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Тулаайах төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн-уотунан хааччыйыы» бырагырааманы олоххо киллэрэргэ күүскэ үлэлэһэр. Ол курдук 10 тулаайах оҕо толору хааччыллыылаах дьиэ күлүүһүн тутта.

✔️Сиһилии 👈

@taattagazeta @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
76 человек из села Октемцы получили новые квартиры по республиканской адресной программе переселения из аварийного жилья, реализуемой в рамках президентского нацпроекта «Жилье и городская среда».

Новоселов во время отчета правительства в Хангаласском улусе поздравил заместитель председателя правительства Анатолий Семенов.

Четырехэтажный многоквартирный дом построен на улице Емельяна Андреева. Дом был введен эксплуатацию в декабре 2023 года. Все квартиры сданы с ремонтом, все готово к заселению.

@Sakhagove