«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.66K subscribers
18.8K photos
1.21K videos
1 file
10.9K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
加入频道
📌⚡️Дьокуускайга  ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ биллэрилиннэ. Cааскы халаан уутун таһыма кутталы үөскэтэр таһымы куоһарда.

📌⚡️Ыам ыйын 13 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 14.00 чаас саҕанааҕы көрдөрүүнэн,  Дьокуускай гидропоһун таһынан халаан уутун таһыма 830 сантиметрга тэҥнэстэ. Уу таһыма 827 сантиметртан үөһэ таҕыстаҕына кутталы үөскэтэр быһыы-майгы олохтонор.

Сиһилии манна➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/dokuuskajga-halaan-uutun-kuttala-suoһaata/
📌 Блогер буолар билигин “муодунай” буолла. Блогердары билигин 100-нэн тыһыынча киһи ааҕар, холобур оҥостор. Саха блогердара үксүн нууччалыы суруйа сатыыллар, төһө кыалларынан элбэх киһини хабаары. Онон сахалыы суруйар блогер тарбахха баттанар. Олортон биирдэстэрэ Елена Копырина – Дьокуускай куорат элбэх оҕолоох дьоһун ыалын ийэтэ, подкаст устар суруналыыс.➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/elena-kopyrina-dollooh-oҕonu-dollooh-tөrөppүt-iiten-taһaarar/
📌 Саха сиригэр интэриниэт сайдыаҕыттан дьон кыаҕын араастык туһанар, онтун киэҥ араҥаҕа балысханнык сырдатар буолла.

Өттүк Леха, Мотор Леха диэни истибэтэх ыччат, бука, суоҕун кэриэтэ буолуо. Алексей Михайлов бүгүҥҥү күҥҥэ сахаҕа биир биллэр вайнер, артыыс, продюсер, олохтоох «сулустары” барыларын куоһарбыт «прокаченнай” блогер.➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/өttүk-leha-baary-baarynan-kepsiir/
📌Нэһилиэнньэ олороругар тупсаҕай, табыгастаах эйгэтин тэрийии хас биирдии киһиттэн тутулуктаах – кини олорор дьиэтиттэн, тиэргэниттэн, оройуонуттан… Дьиэбитин эрэ буолбакка, уопсастыбаннай сирдэри оҥорон, дьон сөбүлээн мустар, салгын сиир, сынньанар сирдэрин тэрийдэхпитинэ, итиниэхэ ыччаты, баҕалаах дьону сыһыардахпытына эрэ, улахан хамсааһын, сайдыы  тахсыан сөп.
Ян Емельянов ааспыт сыл киин куорат ДСК оройуонугар “Емеян” киинэ  тыйаатырын уонна ол таһыгар атыы-эргиэн киинин арыйан турар. Эдэр киһи бүгүн биһиэхэ бизнеһин, олоххо сыалын туһунан кэпсиир.⤵️
http://kiinkuorat.ru/2020/05/kiһini-kiһi-oҥorbut-үle-ere/
⚡️Ыам ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа өссө 35 киһи ыарыйда.

⚡️❗️33 киһи Дьокуускайга ыалдьыбыт, биирдии киһи Намҥа уонна Алдаҥҥа. Кинилэр эрдэ ыалдьыбыт дьону кытары алтыспыттар.

⚡️❗️Уопсайа Саха сиригэр 687 киһи коронавирустаабытыттан 175 үтүөрдэ, 4 киһи өллө.⤵️⤵️⤵️

http://kiinkuorat.ru/2020/05/35-kiһi-koronavirustaata/
📌⚡️ Билигин судаарыстыбаннай өҥө үксэ электроннай ньыманан барар буолла. Бу туһунан манна көр➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/gosuslugi-baһylyyrga-үөrenebit/
❗️Роспотребнадзор сүбэлиир: Баһаар буруотуттан харыстанар ньымалар⤵️
Саас, сайын ойуур баһаардара үксүүллэр. Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата нэһилиэнньэлээх пууннарга баһаар буруота тарҕанар кэмигэр маннык дьаһаллары ылыҥ диэн сүбэлиир:
Төһө кыалларынан таһырдьа сылдьыыны аҕыйатыҥ, ордук куйаас күннэргэ буруо тарҕаннаҕына таһырдьа тахсымаҥ.
Оҕолор таһырдьа, спортивнай балаһааккаларга сылдьар кэмнэрин кылгатыҥ.
Элбэх ууну иһиҥ. Итии күннэргэ киһи тиритэр буолан организм уута түргэнник көҕүрүүр, ону толорон иһиэххэ наада.
Туһалаах туустары уонна микроэлеменнэри сүтэрбэт туһуттан, кыра туустаах, щелочьтаах ууну, кефири иһэр ордук туһалаах. Газированнай утаҕы күннээҕи аһылыктан суох гынар ордук.
Аһылыкка чэпчэки, иҥэмтиэлээх битэмииннэрдээх бородуукталары элбэтиҥ.
Физическэй ноҕоруусканы кыччатыҥ.
Буруо хойдор, өр турар кэмигэр тыынар уорганнары харыстааҥ – мааска, респиратор о.д.а. кэтиҥ. Таҥас маасканы, буруоттан үчүгэйдик харыстыырын туһугар, сиигирдэр табыгастаах. Түннүгү, ааны сииктээх таҥаһынан сабыҥ, кондиционеры туһаныҥ. Буруоттан ордук аҕам саастаахтар, кыра оҕолор уонна тыынар уорган ыарыылаахтар, аллергиялаахтар сэрэниэхтээхтэр.
Дьиэттэн буруо буортута тахсарын туһугар уунан сууйа-сото сылдьыҥ.
Буруо баар буолла да, киһи хараҕар көстүбэт кыра күл кыырпахтара киһи этигэр-сиинигэр хатаналлар. Ону ыраастыыр туһуттан күҥҥэ хаста да душтанар туһалаах.
Арыгы, пиибэ иһимэҥ, табахтаамаҥ.
Ыарыы сибикитэ билиннэҕинэ (сэниэҕит эстэр, мэйиигит эргийэр, тыыҥҥыт кылгыыр, сөтөл киирэр, утуйбат буолаҕыт) бырааска тиийиҥ.
📌 Бүгүн мин ааҕааччыларбар отоһут, көрбүөччү, норуот эмчитэ Петр Дмитриевич Николаев-Хордоҕойдуун кэпсэтиибин таһаарыам. Кини идэтинэн юрист. Дьокуускайга ааспыт сылга көһөн кэлбитэ. Социальнай харалта министиэристибэтигэр быстах кэмҥэ үлэлээбитэ, билигин «Алгыстаах Аартык» диэн кыһаны арыйан үлэлэтэр. Дьону умнуллубут сиэргэ-туомҥа үөрэтэр. Биирдиилээн чараас эйгэ идэтинэн көмөлөһөр. Чараас эйгэни кытта билсибитэ, үлэлээбитэ уонтан тахса сыл буолла. Төрүттэригэр ойууттар бааллар...➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/sajdyy-salalta-donu-өjүүrүtten-tutuluktaah/
Тарҕатын✊🏻👆🏼🙌🏻
Forwarded from OnnukKrdk
Ытыктабыллаах Таатта дьоно-сэргэтэ! Ыам ыйын 10-11 күннэригэр улууска кэлэн үлэлээн барбыт, суол проегын оҥорор тэрилтэ үлэһитэ СOVID-19 аналиһа положительнай буолбута ыам ыйын 16 күнүгэр билиннэ. Билигин контактар быһаарыллаллар, обсерваторга киллэриллэллэр. Кытаатан бары ирдэбили тутуһан, мааскалаах, перчаткалаах, дистанцияны тутуһууну, тутуспуппут курдук тутуһабыт. Официальнай информация чуолкайданан тахсыа.
Таатта улууһун оперативнай штаба.

В Таттинском улусе случилось то, что случилось с Коробовым в Якутске. Приехал в улус из Якутска человек из проектной организации. Встречался с местными тойонами, согласовывал проект строительства дорог. В итоге оказалось, что проектировщик был заражен коронавирусом.
📌 Бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, баһылык Сардана Авксентьева Сайсары уокуругун олохтоохторун кытта онлайн көрүстэ. Олохтоохтор видеосибээс ньыматынан ыйытыктарыгар быһаччы хоруйдары ыллылар.➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/sajsary-olohtoohtoro-baһylygy-kytta-onlajn-kөrүstүler/
📌 Ыам ыйын 15 күнүгэр РФ Пенсионнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын баһылыга Георгий Михайлович Степанов @republic_sakha_yakutia14 инстаграм страницаҕа быһа эфиргэ тахсан, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата...➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/pensionnaj-puonda-salajaachchyta-georgij-stepanov-interinieti-tuһanyҥ-gosuslugi-registracziyalanyҥ/
📌 Кыайыы кэлэригэр тыылга үлэлээччилэр көмөлөрө туохха да тэҥнэммэт. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Афанасий Васильевич Мигалкин идэтинэн историк, тыыл үлэтин уонна онно төһө оҥоһуллубутун үөрэтэн-чинчийэн, араас дьону кытта көрсөн кэпсэппитэ. Онон бүгүҥҥү кэпсэтии сүнньүнэн сэрии сылларын туһунан буолуоҕа.➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/afanasij-migalkin-sutu-bilimmekke-achchyktaaһyny-aahsybakka-toluk-buolallaryn-kerejbekke-kyajyyny-syralaspyt-dommutun-sanaan-aaһyahtaahpyt/
📌 От охсуугар өрөспүүбүлүкэ түөрт төгүллээх Дархан охсооччуута Гаврил Николевич Павлов туһунан мин урукку суруйууларбар аҥаардас көрүн-күлүүтүн сэргээрибин эрэ эридьиэстээбит эбиппин. Ол кэрэгэй...➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/oo-deee/
📌 Саха дьоно сиэр быһыытынан ыам ыйын 22 күнүн сайын кэлбитинэн ааҕабыт.

Ньукуолун күнүнэн бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэһэбит. Хас биирдии дьиэ кэргэн аайы үгэскэ олоҕурбут алгыстаах алаадьыны астааһын, кус миинэ бэйэтэ ураты дьиктилээх.➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/kүөhhe-eteҥҥe-үktemmippitinen/
📌"Саха күөххэ үктэнэр кэмэ кэлбитинэн, Ньукуолун кунунэн эҕэрдэ буолуохтун! Халыҥ хаар халбарыйан, тоҥ муус көтөҕүллэн сайыммыт тиийэн кэллэ. Кэҕэ этэр, мутукча көҕөрөр, ньургуһун тыллар, күөх от бытыгырыы үүнэр, күөрэгэй дьырылас ырыата самаан сайыммыт кэлбитин биллэрэр”, — диэн Дьокуускай баһылыга Сардана Авксентьева инстаграм страницатыгар бар дьонун Ньукуолун күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

Бүгүн, о.э. ыам ыйын 22 күнүгэр, киэһээ 6 чаастан баһылык @sardanaavksentieva инстаграмыгар быһа эфиргэ тахсар. Олох бары эйгэтигэр сыһыаннаах ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп.➡️➡️➡️ http://kiinkuorat.ru/2020/05/baһylyk-byһa-efirge-tahsyaҕa/