Иннокентьев Алексей Михайлович
1.56K subscribers
4.23K photos
104 videos
27 links
Глава МР «Нюрбинский район»
加入频道
Бүгүн быйылгыттан дьону таһан саҕалаабыт "Нептун-15" салгын уйуктаах суудунатынан Өҥөлдьө, Хатыы, Чуукаар, Маалыкай, Малдьаҕар түбэтигэр үлэлээн киирдибит.
Тыыл, үлэ бэтэрээннэрин көрсөн, кыайан мунньахха кэлэр кыаҕа суох өттүгэр дьиэлэригэр сылдьан Саха АССР 100 сыллаах Үбүлүөйдээх бэлиэлэрин, «Дети столетия» республикатааҕы, соторутааҕыта оҕоломмут ийэлэргэ "Я родился в Нюрбе" бырайыак чэрчитинэн бэлэхтэрин туттартаатым.
Маны тэҥэ "Норуот көҕүлээһинин сылын" бырайыактарын куратордарын анаатыбыт.
Нэһилиэнньэ көхтөөх, төһө даҕаны сорох сирдэргэ ыкса хойукка диэри сырыттарбыт үлэбит үтүө түмүктэрдээх буолла.
Чуукаарга туспа тохтоон аастым. Нэһилиэнньэни, оскуола коллективын уонна тутааччылары кытары көрүстүм.
Үлэ күүскэ бара турар, оскуола дьиэтин биир эркинэ, көрөргүт курдук, тутуллан тахсыбыт. Манна этиэх тустаахпын, дьиҥнээх бара турар үлэни, биллэн турар, эрдэ устааччылар, көрдөрбетехтер. Алдьаммыт, кээһиммит, прогноһун биэрбэтэх өттүн эрэ дьоҥҥо сырдатыы барбыт. Улахан тутууга итинник буолуон сөп, ити кеннөрүллэр суол, сонун буолбатах диэн өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин.
Бэдэрээтчик ХЭТ "Сэттэ" үлэлии сылдьар.
Олохтоох нэhилиэнньэ барытын көрө-истэ сылдьар. Көрсүһүү кэмигэр тоҕо ити курдук токурутуллубут иhитиннэрии бүтүн ситим үрдүнэн тарҕаммытын өйдөөбөппүт дииллэрин биллэрдилэр.
Сегодня состоялось чествование ветеранов ДОУ Нюрбинского района, посвященное 100-летию Якутской АССР и ко Дню Победы.