Кэрэ эйгэтигэр
П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра ыалдьыттаата
🎭 Кулун тутар 25 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан Култуура киинигэр үгэс буолбут сааскы гастролун чэрчитинэн П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра 117-с театральнай сезонунан ыалдьыттыы кэллэ.
Сиһилии:
https://эркээйи.рф/article/93435
@gazetaerkeii
@ulusmedia

Үөрүүлээх сонун
Оҕолорбут “Саха сирин саҥа ааттара” куонкуруска ситиһиилэннилэр
🎼 XXII төгүлүн тэриллэн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха сирин саҥа ааттара» куонкурус кулун тутар 23‒26 күннэригэр Дьокуускай куоракка тэриллэн ыытылынна.
🎼 Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 38 ускуустуба оскуолаларын, М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусукаалынай колледж, В.А.Босиков аатынан Муусука Үрдүкү оскуолатын, орто оскуола үөрэнээччилэрэ, 622 кыттааччы 24 улуустан, 6 куораттан кытыннылар.
Сиһилии:
https://эркээйи.рф/article/93422

Оҕо-аймах артыыстары кытта алтыһан сэргэхсийдэ
🎭 Кулун тутар 26 күнүгэр Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан Култуура киинигэр П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра күнүс оҕолорго анаан «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйаны туруоран көрдөрдө. Бу күн тыйаатыр иһэ оҕо-уруу саҥатынан туолла.
Сиһилии:
https://эркээйи.рф/article/93436

Педагог уонна настаабынньык сыла
Учуутал буолан уһаарыллан тахсарбар тугунан да кэмнэммэт үтүөлээх уһуйааччым
🔹 Дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В.Путин 2023 сылы Учуутал уонна уһуйааччы сылынан биллэрбитэ. Мин биир бэйэм бу дьаһалы сүүс бырыһыан өйүүбүн. Тоҕо диэтэххэ, уопсастыба сайдыыта, кини инники хардыыта бүүс-бүтүннүү учуутал барахсан өркөн өйүттэн, сүрэҕин сылааһыттан быһаччы тутулуктаах.
🔹 Бүгүн мин үөрэммит учууталым уонна уһуйааччым, тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо Анна Михайловна Егорова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Сиһилии:
https://эркээйи.рф/article/93445

Ааҕааччы махтанар
Үтүө санаалаах оҕолор аҕам саастаах дьоҥҥо көмөлөстүлэр
❄️💨🧹 Быйыл хаар ханна да олус халыҥнык түһэн, ону хомуйуу, таһыы балачча үлэни эрэйэр буолла.
🧹🤝 Саастаах дьоҥҥо бу биир ылбычча кыайтарбат кыһалҕаны быһаарыыга оҕолор көмөҕө кэлэллэрэ олус хайҕаллаах, махталлаах дьыала.
👨🏻🦳👵🏻 Майа олохтооҕо РФ үөрэҕириитин туйгуна Николай Семенович Баишевка бу күннэргэ Ф.Г.Охлопков аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ, Ольга Николаевна Максимова салайааччылаах 9-с кылаас оҕолоро кэлэн хаары таһан, ыраастаан биэрдилэр.
👍🏼👏🏼👏🏼👏🏼
Амарах санаалаах үлэһит оҕолорго, кылаас салайааччытыгар уонна оскуола салалтатыгар ытык дьоммут Марфа Петровна уонна Николай Семенович Баишевтар барҕа махталларын, үтүө алгыстарын аныыллар.
🙏🙌🤝