ГАЗЕТА "ЭРКЭЭЙИ" Мегино-Кангаласского улуса
3.66K subscribers
28.4K photos
3.03K videos
5 files
6.9K links
Актуальные новости Мегино-Кангаласского улуса, Республики Саха ( Якутия)


Ваши новости, фото и видео ждем на:
@gazetaerkeii_admin
加入频道
«Сүрэх тыа» үлэһит ыаллара

☀️🌳 Балыктаах бөһүөлэгэр «Сүрэх тыа» түөлбэтин олохтоохторо Евдокия Михайловна, Андрей Васильевич Стручковтар 2001 сыллаахха ыал буолбуттарыгар төрөппүттэрэ  икки өттүттэн биирдии оҕолоох ынахтары биэрэннэр хаһаайыстыбаларын тэринэн саҕалаабыттара.

⚡️ Бастаан эргэ кыра хотоҥҥо кыстаппыттара. Эһиилигэр «Хаххах» сайылыкка тахсан сайылаабыттара, ынахтарын ыан, сэппэрээтэринэн  үүттэрин түһэрэн арыы оҥорон, абараат үүттэрин лабыктаны эбэн  кыстаппыт сибиинньэлэрин аһаппыттара. Эбии биир биэлэммиттэр уонна көлүүр аттаммыттар. Аҕалара Андрей сайын аайы аймахтарынаан  оттуур, атынан мустарар этэ. 2009 сыллаахха кыра кытай тыраактарын ылыммыттара. Андрей Васильевич тиэхиникэҕэ сыстаҕас буолан бэйэтэ оҥостор, сваркалыыр. Бастакы тыраахтарыгар кыра тэлиэгэ оҥорбута. От охсор, сир хорутар фрезанан ситэрэн, көрүнэн-өрөмүөннээн билигин да үлэлэтэ сылдьар.

🐄🐎 Сылгытын элбэтэн, убаһалары ииттэн, атыыр атыылаһан үөр оҥорон өссө да элбэтэр баҕа санаалаах.
2014 сыллаахха түөлбэтигэр бастакынан сүүрбэттэн тахса сүөһү турар аныгы матырыйаалынан сөптөөх гына былааннаан саҥа хотон туттубута.

Сиһилии ◀️

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
📰🎄 Бу сылга «Эркээйи» хаһыат бүтэһик нүөмэрэ бэчээттэнэн, бүгүн ааҕааччыларга тиийдэ.

🗞️
📝 Үүнэр 2025 сылга улуускут хаһыатыгар сурутаргытын умнубатыгыт ини?

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар үөрүүнү бэлэхтээтилэр

🤩Дойдубут көмүскэлигэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон оҕолоругар анаан бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык буолла.

🦌 Манна кэлбит Майа сэлиэнньэтин оҕо уһуйаанын иитиллээччилэригэр, оскуола оҕолоругар култуура киинин кэлэктиибэ оонньуулаах испэктээк көрдөрдүлэр уонна хас биирдии оҕоҕо минньигэс бэлэхтэри туттардылар. Оҕолор араас дьикти-кэрэ маскарааттарын кэтэн, киэргэнэн-симэнэн, туруорууну сэҥээрэн көрдүлэр, Моруос оҕонньору, Хаарчаана кыыһы кытта хоробуоттаатылар уонна бэһиэлэй оонньууларга көхтөөхтүк кытыннылар.

🔔 «Сылын ахсын ыытыллар «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа быйыл олус элбэх үтүө санаалаах, көхтөөх дьон, дьиэ кэргэннэр, тэрилтэлэр кытыыны ыллылар, – Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын дьиэ кэргэн киинин салайааччыта Владлена Павлова иһитиннэрдэ. – Бу аахсыйаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар анаан минньигэс бэлэхтэри хомуйдубут уонна бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ туттардыбыт.

🧦 Дьаһалта кэлэктиибин аатыттан аахсыйа бары кыттыылаахтарыгар, алыптаах, аптаах испэктээги туруорбут култуура киинин кэлэктиибигэр барҕа махтал! Барыгытын кэлэр иһэр Саҥа дьылынан итиитик истиҥҥик эҕэрдэлиибит!».

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Холгумаҕа чэпчэки атлетика номоҕо буолбут Мария Неустроева ыалдьыттаата

🏃‍♀️ Холгума нэһилиэгэр Мария Романовна оскуола оҕолорун кытта көрсөн, кэпсэтэн барда.
Чэпчэки атлетика тыыннаах номоҕо буолбут Мария Романовна Неустроева олус элбэх мэтээллэрин остуолга тэлгээн олорор хаартыската интэриниэт ситиминэн киэҥник тарҕаммыта.


🏆 Кини  — чэпчэки атлетикаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуордун маастара, бэтэрээннэргэ Арассыыйа успуордун маастара, бэтэрээннэргэ дойду алта төгүллээх чөмпүйүөнэ, аҕыс төгүллээх призера, Европа сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ, уон төгүллээх призера, Мэҥэ Хаҥалас, Дьаҥхаады нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, Арассыыйа хомуур хамаандатын чилиэнэ. Ахсынньы 14 күнүгэр 76 сааһын туолла.

🥇 “Куйаар ситимигэр тарҕаммыт хаартысканы ким ыытан кэбиспитин билбэппин. Ити мин үйэм тухары мунньубут мэтээллэрим. Барыта бэйэм киэннэрэ. Сорохтор “коллекциялаабыт быһыылаах” диэбиттэр этэ. Былыр сүүрдэххэ мэтээл биэрбэт этилэр, кыракый жетон курдугу уонна грамота туттараллара – олор сүтүтэлээбиттэр. Кэнники сылларга мэтээл биэрэр буолбуттарын мунньан испитим.

👍 Олоҕум устатын тухары чөл олоҕу пропагандалыыбын. 1965 сыллаахтан сүүрүүнэн дьарыктанабын. 2006 сылтан Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн тас дойдуларга уончата тахсан ситиһиилээхтик кыттан кэлбитим.

Сиһилии ◀️

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Очерки СВО: из Турка в Иваныча

👨🏻‍⚕️ Ко дню нашего знакомства уже не Турок, а Иваныч, как стали к нему обращаться солдаты и медицинское командование части, был уже вполне уверенный и во многих вопросах разбирающийся сотрудник медицинского подразделения.

🪖 Добрая половина бойцов восточной группировки войск в зоне СВО знают Иваныча, ведь многие из них прошли через его руки. К нему, в его медпункт, везут многих раненых из разных частей и подразделений. Никому он не отказывает в оказании помощи, принимает всех и каждого.

Читайте историю технаря из Якутии, ставшего военным медиком в зоне СВО, в новом очерке писателя и волонтера Александра Седалищева ⬇️

https://ulus.media/2024/12/26/ocherki-svo-iz-turka-v-ivanycha/

📲 Подпишись на @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Погода
27 декабря, пятница

🌬 В Усть-Янском и Булунском районах прогнозируется усиление западного ветра с порывами до 15-20 м/с и метели. Об этом предупреждает Якутское УГМС.

На юге и юго-западе местами умеренный снег, в остальной части — небольшой. Порывистый ветер на юге, юго-западе и в Колыме, с порывами до 9-14 м/с, возможны поземки.

Ночью в центральных районах температура воздуха составит -35-40°, при снеге -30-35°. На северо-востоке и северо-западе, в низинах, ожидается -38-43°, на юге -23-28°, на юго-западе ночью и днем -13-18°. Днем в центре республики температура будет -32-37°, местами -22-27°, на северо-востоке -35-40°, на юге -18-23°.

☁️ В Якутске преимущественно без осадков, ветер северный 1-4 м/с. Температура воздуха ночью -33-35°, днем -33-35°.

Фото Ивана Лукина,
Мегино-Кангаласский улус.


@gazetaerkeii
@ulusmedia